СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччыта Юрий Куприянов дойдуга бастакы ыччат хамсааһынын бэлиэтиир күҥҥэ анаммыт «төгүрүк остуолга» ыччат лидердэрин уонна бэтэрээннэри эҕэрдэлээтэ.
«Олунньу 17- чыыһылатын устудьуоннар этэрээттэрин Күнүнэн ааҕар туһунан көҕүлээһини Россия президенэ Владимир Путин өйөөбүтэ. Биһиги аҕа баһылыкпыт Егор Борисов эмиэ бу хайысханы өрүү өйүүр. 2017 сылга өрөспүүбүлүкэбитигэр тутуу этэрээттэрэ тэриллибиттэрин 50 сылын бэлиэтиэхпит. Бүгүҥҥү көрсүһүү ордук ыччакка ананар: үлэҕэ сыһыаҥҥа, бииргэ үлэлээһин оруолун өйдүүргэ«, — диэн Юрий Куприянов эттэ.
Дьаһалта салайааччыта иһитиннэрбитинэн, тутуу этэрээттэригэр өрөспүүбүлүкэҕэ өйөбүл хайаан да баар буолуохтаах, ордук хамнас өттүгэр. «Хамсааһын үрдүк таһымҥа таҕыста. 4000-тан тахса киһи өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыгар, ону таһынан Россия куораттарыгар федеральнай таһымнаах тутууларга үлэлииллэр«, — диэн кини бэлиэтээтэ.