Таатта улууһун нэһилиэгэр 450 миэстэлээх интернаттаах оскуола тутуохтара. Саха сирин баһылыга РФ премьер-миниистирэ Михаил Мишустинтан саҥа эбийиэк тутуутун сороҕун федеральнай бүддьүөттэн өйүүргэ көрдөстө.
«Өрөспүүбүлүкэҕэ тыа сирин инфраструктуратын сайыннарыыга элбэх үлэ ыытыллар. Спортивнай оонньуулар көмөлөрүнэн тыа сирин көстүүтэ тосту уларыйар, инфраструктурата саҥатыйар, тупсар. 2025 сылга «Манчаары оонньуулара» Спартакиада Таатта улууһун Ытык-Күөлүгэр ыытыллыахтаах. Манна бэлэмнэнэр тэрээһиннэр чэрчилэринэн, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн интернат- оскуола тутуутун үбүлүөхтээхпит»,-диэтэ Саха сирин баһылыга Айсен Николаев.
«Оҕолор комфортнай усулуобуйаҕа үөрэниэхтээхтэр. Манна үөрэхтээһиҥҥэ ураты болҕомтону уураллар, биллэн турар, өйүөххэ наада. Баһаалыста, тустаах докумуоннары бэлэмнээҥ», – диэн Михаил Мишустин хоруйдаата.
Билигин үлэлии турар 1974 сылга тутуллубут лицей дьиэтин хаарбах туруктаах диэн быһаардылар. Билигин оскуола оҕолоро үөрэх стандартын ирдэбилигэр эппиэттээбэт хас да дьиэҕэ үөрэнэллэр. Бырайыактыыр докумуоннар түмүктэннилэр, алтынньыга бырайыак госэкспертизаттан үтүө түмүктэри ылара былааннанар.