Киһини соһутар уонна хомотор быһылаан ааспыт бээтинсэҕэ, олунньу 12 күнүгэр, Дьокуускай куоракка буолбутун билэбит. Бастаан утаа өссө “ама, сымыйа ини” диэн итэҕэйбэт санаа баара. Хомойуох иһин, куһаҕан сурах сымыйа буолбат.
СӨ Ис дьыалаҕа министиэристибэтин пресс-сулууспата онно иһитиннэрбитинэн, ити күн сарсыарда 11.30 мүн. полицияҕа баан үлэһититтэн тыллабыр киирбит. Биир итирик киһи бэстилиэтинэн куттаан туран, харчы биэрэри модьуйбутун туһунан. Бааны чааһынай тэрилтэ харабыллыыр эбит. Баан үлэһиттэрэ ол харабыллары суһаллык ыҥырар кунуопканы баттаабыттар. Кинилэр кэлиэхтэригэр диэри, итирик сордооҕу бааҥҥа наадатынан кэлбит 27 саастаах киһи кум-хам тутан, сиргэ охторбут. Полиция дааннайынан, тутуллубут киһи 1974 сыллаах төрүөх, Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх, киниттэн сигнальнай бэстилиэт былдьаабыттар.
Ити иһитиннэриини “тилэх баттаһа”, ол табыллыбатах халабырдьытынан биллэр ырыаһыт, продюсер, шоумен Николай Донской буолар диэн сонун тилийэ көппүтэ. Онтон аны “кини буолбатах, амыдайа, биир араспаанньалааҕа үһү” диэн сурах тарҕаммыта. Интернет-сайтарга, форумнарга, ватсапка ырытыһыы саҕаламмыта, билигин да ол тохтуу илик. Арааһы суруйаллар эрээри, айар дууһалаах киһи тоҕо итинниккэ тиийбитин силиэстийэ быһаарыаҕа.
Ис дьыала министиэристибэтэ СИА-ҕа бигэргэппитинэн, киин куорат Ф.Попов аатынан уулуссатыгар турар Сбербаан филиалыгар бэстилиэттээх киирбит киһи чуолкай — Николай Донской. Кинини туппут – Станислав Давыдов диэн урут Хотугу Кавказка икки сыл сулууспалыы сылдьыбыт, билигин ойоҕун кондитерскай сыаҕар көмөлөһөр, бэйэтэ үлэтэ суох эдэр киһи. Станиславка Сбербаан маннааҕы салалтата хорсун быһыытын иһин (арай дьиҥнээх бэстилиэттээх уонна кини туппатах буоллун диэн) “Махтал сурук” уонна харчынан бириэмийэ туттарда.
Дьокуускай куорат полициятын пресс-сулууспата СИА-ҕа иһитиннэрбитинэн, холуобунай дьыала РФ Холуобунай кодексатын 162-с ыстатыйатын 2-с чааһынан тэрилиннэ.
Ол эбэтэр, талааһын бэлиэтэ баарынан. Ыарахан ыстатыйалартан биирдэстэрэ. Бу ыстатыйанан көрүллэр накаастабыл миэрэ – 5 сылтан 10 сылга диэри көҥүлү быһыы.
Ол эрэн, көннөрү сабаҕалаан көрдөххө, дьыала суукка тиийэр түгэнигэр, буруй киниттэн тутулуга суох быһыыттан-майгыттан тиһэҕэр тиэрдиллибэтэҕэ (харчы уорбатах, ким да эмсэҕэлээбэтэх), үчүгэй характеристиката, оҕолордооҕо, көмүскүүр хадатаайыстыбалар учуоттанан, ырыаһыт арыый да “халымырдык” сууттаныан сөп.
Уорбаланааччы Николай Донскойга, хаарчахтыыр миэрэ быһыытынан, дьиэтээҕи хаайыы туттулунна.