Ыам ыйын 23 күнэ — хат буолуу кэмигэр үөскүүр сырҕан бааһы утары охсуһуу аан дойдутааҕы күнэ. ХНТ бу ыарыыны кыыс оҕо этэ-сиинэ ситэ илигинэ аһара эрдэ ыал буоларын кытта ситимниир, диэн суруйар Бикипиэдьийэ дьаһабыла Николай Павлов — Халан. Бу күн Вячеслав Штыров төрөөбүт, DETSAT сүрэхтэммит, Манчаары көскө көһөрүллүбүт. Тустууну кэрэхсээччилэр Тустуу күнүн бэлиэтииллэр.
🔹 1859 — бэйэтин дьоһунун көмүскээн саха номоҕор уонна устуоруйатыгар киирбит Манчаары Баһылай 54 сааһыгар күһэлэҥ көскө олорор сиригэр Бүлүү уокуругар хандалылаах хомбуойдаммыт.
🔹 1904 — Венаҕа грек-рим тустуутугар бастакы аан дойду чөмпүйэнээтэ саҕаламмыт.
🔹 1951 — «17 пууннаах сөбүлэҥ» быһыытынан Тибиэт Кытай састаабыгар төттөрү киирэр. 18-19 үйэлэргэ Кытай Тибиэти бас билэр эбит буоллаҕына, Синьхай өрөбөлүүссүйэтин кэнниттэн 1912-1951 сылларга Тибиэт тутулуга суох олорбут.
🔹 1991 сыллаахха «Саха Өрөспүүбүлүкэтин национальнай оскуолаларын саҥардан сайыннарыы концепциятын» бырабыыталыстыба бигэргэппитэ.
🔹 2006 — DETSAT диэн айар бөлөх сүрэхтэниитэ Саха тыйаатырыгар буолбут. Көр-күлүү шоутуттан саҕалаан кэлин киинэни устар устуудьуйа буолбуттара.
Төрөөбүттэр:
🔸 1707 — Карл Линней төрөөбүт (1707 — 10.1.1778), швед естествоиспытателэ, үүнээйилэр уонна хамсыыр харамайдар систематикаларын айбыт киһи.
🔸 1953 — Саха АССР Хандыга бөһүөлэгэр муора эппиһиэрин дьиэ кэргэнигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин иккис бэрэсидьиэнэ Вячеслав Штыров төрөөбүт.
Өлбүттэр:
🔹 1983 — Хатыҥ Үрэххэ саха аатырбыт эппиһиэрэ Дмитрий Оллонов өлбүт. Кини хас да сэриигэ кыттыбыта. Бииргэ төрөөбүт 5 ини-биилэртэн түөрдэ Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтара, саамай эдэрдэрэ сэрии толоонугар охтубута.
🔹 2010 — Ангелина Файрушина — саха ырыаһыта, ырыа суруйааччыта. Сунтаар улууһун Хадан нэһилиэгэр 1967 сыллаахха бэс ыйын 6 күнүгэр төрөөбүтэ. Бастакы «Дьылҕабар махтанабын» диэн альбома 2000 сыллаахха тахсыбыта.
https://sah.wikipedia.org/wiki/Файрушина_Ангелина_Егоровна
https://sah.wikipedia.org/wiki/Ыам_ыйын_23
https://sah.wikipedia.org/wiki/Detsat
https://sah.wikipedia.org/wiki/Манчаары_Баһылай
https://sah.wikipedia.org/wiki/Сахалыы_таба_суруйуу_быраабылаларын_аан_тыла
https://sah.wikipedia.org/wiki/Штыров_Вячеслав_Анатольевич