Аан дойдуга Култуура эгэлгэтин күнэ. Саха сиригэр бу күн киэҥник 2008 сыллаахха бэлиэтэммит.
Арассыыйаҕа үлэтэ суох буолууттан көмүскэнии күнэ.
1904 сыллаахха Парижка ФИФА тэриллибит — Дойдулар ыккардыларынааҕы футбол федерацията.
Бу күн саха литэрэтиирэтин чинчийээччи, филология билимин дуоктара Зоя Башарина, сахалары омук быһыытынан чинчийэр устуоруйа билимин дуоктара Андриан Борисов төрөөбүттэр.
- Саха халандаарынан саас бүтэһик күнэ. Сарсыҥҥыттан сайын саҕаланар
- ХНТ — Аан дойдуга Култуура эгэлгэтин күнэ. 2003 сыллаахтан бэлиэтэнэр.
- Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ырыа Күнэ. Мелодист Алексей Калининскай-Луҥха көҕүлээһининэн 2013 сылтан бэттэх киэҥник бэлиэтэнэр
- Греция — Пировассия (уотунан хаамыы)
- Ииндийэ — Терроризмы утарыы күнэ (Раджив Ганди кэриэһигэр)
- Арассыыйа:
- Байыаннай тылбаасчыт күнэ;
- Үлэтэ суох буолууттан көмүскэнии күнэ;
- Тихоокеанскай байыаннай флот күнэ;
- Хапхаас сэриитин сиэртибэлэрин ахтар күн;
- Полярник күнэ;
- Черногория — Тутулуга суох буолуу референдумун күнэ (референдум түмүгүнэн 2006 сыл бэс ыйын 3 күнүгэр биллэриллибитэ)
- Чили — Байыаннай байҕал флотун күнэ
- Болгария — Предой.
- Казахстан — Култуура уонна ускуустуба үлэһитин күнэ
Түбэлтэлэр:
- 1712 — Бүөтүр I Арассыыйа киин куоратын Москубаттан Санкт-Петербурга көһөрбүт.
- 1731 — Чуумпу далайга тахсар кытылы уонна арыылары харабыллыырга анаан Охуоскайга Сибиир байыаннай флотилията олохтоммут.
- 1840 — Британия Импиэрийэтэ Саҥа Зеландияны бэйэтин холуонньатынан биллэрбит.
- 1864 — Арассыыйа Кавказ сэриитин бүппүтүнэн биллэрбит. Бу кэннэ элбэх чэркиэс (бэйэлэрин тылларынан адыыгтар) дойдуларыттан Осмаан Импиэрийэтигэр үүрүллүбүттэрэ.
- 1904 — Парижка ФИФА тэриллибит — Дойдулар ыккардыларынааҕы футбол федерацията.
- 1922 — Киллэмнээҕи кыргыһыы буолбут, үрүҥнэр кыайтарбыттар.
- 1943 — Аляскаттан фроҥҥа перегон кэмигэр Томпо улууһугар Сартаҥ өрүс уонна Хучигир үрэх таһыгар хайаҕа (Үөһээ Дьааҥы сиһэ, 1800—2000 м.) А-20-Ж «Бостон» орто бомбардировщик саахалламмыт. Маршрута: Сэйимчээн-Дьокуускай (1200 км). Сөмүлүөт кырадаһыннара уонна өлүктэр 1980 с. сааһыгар эрэ көстүбүттэрэ. Штурман кэлин Тополинай бөһүөлэккэ көмүллүбүтэ. Саахаланныы төрүөтэ: салгыннара тиийбэккэ сөмүлүөт тыраассаттан туора тахсыбыт уонна хайаҕа сааллыбыт. 2005 с. атырдьах ыйыгар «Вечная память» диэн Саха сирин көрдүүр экспедицията хайа тэллэҕэр өйдөбүнньүк туруорбута.
- 1975 — «Саха хомсомуола» тутар этэрээт Амыр уобалаһыгар БАМ тутуутугар аттаммыт. Хамыһаарынан Покровскайтан төрүттээх Гавриил Адамов барбыт.
- 2008 — Дьокуускайга култуура эгэлгэтин күнэ киэҥник бэлиэтэммит. Саха тыйаатырыгар үөрүлээх тэрээһин ыытыллыбыт. Бастакы түһүмэҕэ Олоҥхоҕо анаммыт, 4 тыйаатыр олоҥхоттон быһа тардыылары көрдөрбүттэр, иккис түһүмэх Саха сирин устуоруйатыгар анаммыт, манна сахалар, аҕыйах ахсааннаах омуктар, былыргыттан олорор нууччалар култууралара көрдөрүллүбүт. Үһүс түһүмэххэ ЮНЕСКО Саха сиригэр үлэтин көрдөрүү буолбут.
Төрөөбүттэр:
- 1471 — Альбрехт Дюрер (1528 өлб.), Барҕарыы кэминээҕи ньиэмэс графига.
- 1945 — Булуҥ улууһун Булуҥ нэһилиэгэр Күһүүргэ Зоя Башарина, саха литэрэтиирэтин чинчийээччи, филология билимин дуоктара.
- 1971 — Андриан Борисов — сахалары омук быһыытынан чинчийэр устуоруйа билимин дуоктара.
Өлбүттэр:
- 1942 — Александр Габышев, 1934—1938 сыллардаахха Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Бөрөсүүдьүмүн бэрэстээтэлэ, үс сылтан ордук хаайыыга сытан баран хат сууттанан ытыллыбыт.