Ыам ыйын 18 күнэ — Түмэл аан дойдутааҕы күнэ. Сыл ахсын бу күн ханнык эрэ тиэмэҕэ ананар. 2020 сыл тиэмэтэ: «Түмэллэр тэҥнээх буолууга: эгэлгэ уонна дьүөрэлэһии» (Museums for Equality: Diversity and Inclusion). Бу күн Саха сирин киин өттүгэр буҕарҕана кэлэр. «Бүгүн Ньургуһун күнэ. Суруналыыс Уйбаан Уһуунускай көҕүлээһининэн, 2004 сыллаахтан бэлиэтэнэр«, — диэтэ Бикипиэдьийэ дьаһабыла Николай Павлов — Халан.
🔹1804 — Наполеон Бонапарт Франция императорынан ааттаммыт.
🔹1944 — Кырыым татаардарын күүһүнэн көһөрүү (депортация) саҕаламмыт.
🔹1957 — ССРС Миниистирдэрин сэбиэтин уурааҕынан ССРС Наукатын академиятын Сибиирдээҕи салаата төрүттэммит.
🔹1974 — «Мичилийэр Будда» бырайыак чэрчитинэн Индия бэйэтин бастакы атомнай бомбатын дэлби тэптэрбит.
🔹2000 — Владимир Путин ыйааҕынан Уһук Илин федеральнай уокурук тэриллибитэ.
🔹2001 — «Орто Дойду» зоопарка бастакы ыалдьыттарын көрсүбүтэ.
Төрөөбүттэр:
🔸1866 — Василий Никифоров-Күлүмнүүр (15.09.1928 өлб.) — Саха уһулуччулаах түмэт, бэлиитикэ диэйэтэлэ, юрист, краевед учуонай, суруйааччы, публицист, «Сахалар сойуустарын» салайааччыта, Саха сиригэр земствоны киллэрии көҕүлээччитэ уонна тэрийээччитэ.
🔸1896 — Скрябин Адам Васильевич (1938 өлб.) — саха бастакы хормейстера. Бу Нөмүгүттэн төрүттээх киһи Москубаҕа консерваторияҕа үөрэммитэ, 1917 сыллаахха саха бастакы хуорун тэрийбитэ, оттон 1931 сыллаахха — бастакы хомус ансаамбылын.
Өлбүттэр:
🔹1944 — Ленинград уобалаһыгар Чурапчы Хайахсытыттан төрүттээх буойун Николай Илларионов кыргыһыыга охтубут. Кини биир ыалтан сэриигэ кыттыбыт 7 уолтан биирдэстэрэ этэ. Кэргэнэ огдообо хаалбыт.
https://sah.wikipedia.org/wiki/Күлүмнүүр_(Никифоров_Василий_Васильевич)
https://sah.wikipedia.org/wiki/Ыам_ыйын_18
https://sah.wikipedia.org/wiki/Буҕарҕана
https://sah.wikipedia.org/wiki/Илларионов_Николай_Афанасьевич
https://sah.wikipedia.org/wiki/Скрябин_Адам_Васильевич
https://sah.wikipedia.org/wiki/Уһук_Илин_федеральнай_уокурук