Бу нэдиэлэҕэ “Полярные авиалинии” авиахампаанньа суудуналарынан ыраах сытар нэһилиэктэргэ аһылык бородууктатын тиэрдиэхтэрэ.
Балаҕан ыйын 18 күнүгэр 5 тонна аһылык бородууктатын – оҕуруот аһын, фруктаны, куруппаны, бурдугу “Полярные авиалинии” авиахампаанньа Ан-26 таһаҕаһы тиэйэр сөмөлүөтүгэр тиэйдилэр.
Пилоттар бородууктаны Дьокуускайтан Дьааҥы оройуонун Баатаҕайыгар тиэрдиэхтэрэ. Таһаҕас сүөкэммитин уонна наардаммытын кэннэ Ми-8 вертолетчиктара аһы-үөлү Эбээн Бытантай оройуонун Дьарҕаалаах уонна Кустуур бөһүөлэктэригэр илдьэн биэриэхтэрэ.
Бу нэдиэлэҕэ маны сэргэ Орто Халыма куоратыттан аһы-үөлү Арҕахтаахха, Сыбаатайга, Колымскайга уонна Андрюшкиноҕа тиэрдэргэ соруктаналлар.