«Якутия» урутаан сайыннарыллар сиргэ 500-тэн тахса үлэ миэстэтэ таһаарылынна. Тосхолго барыта 4 млрд солк угулунна. Былаһааккаҕа 11 бырайыак үлэлиир, үлэхан чааһа тутуу матырыйаалын уонна ОДьКХ эйгэтигэр оборудованиелары оҥорууга ананар, суруйар ТАСС.
«11 бырайыактан улахан чааһа тутуу матырыйаалын уонна ОДьКХ оборудованиеларын оҥорууга ананар. Сылы эргиччи үлэлиир теплица, ювелирнай-гранильнай кластер уонна да атын тэрилтэлэр бааллар. Чааһынай инвестордар 4 млрд солк уктулар уонна 515 үлэ миэстэтин таһаардылар«, — «Якутия» ТОР управляющай хампаанньатын дириэктэрэ Дмитрий Борисов эттэ.
«Якутия» ТОР резиденнэринэн 30 тэрилтэ буолар, кинилэр холбоон 13,3 млрд солк суумалаах бырайыактары олоххо киллэрэллэр, 1,6 тыһыынча үлэ миэстэтин таһаараллар.