Алтынньы 21-23 күннэригэр «Якутия» авиахампаанньа субсидиялах билиэттэргэ сыанатын 20 % намтатар.
Чэпчэтии Саха сириттэн уонна Москва-Певек-Москва маршруттартан ураты бары субсидированнай хайысхалары хаарыйыаҕа.
Көтүүлэр кэмнэрэ: 2022 сыл алтынньы 21 күнүттэн ахсынньы 14 күнүгэр диэри. Акцияҕа 12 саастарыттан үөһэ пассажирдар кыттыахтарын син.
Билиэттэри чэпчэтиигэ бырааптааххын туоһулуур докумуоннары көрдөрөн, ханнык баҕарар авиакассаттан атыылаһыахха сөп.