23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Владимир Кириллин: «Дойдубутун, дьоммутун үөрдүөхпүтүн баҕарабыт”

18:07, 27 января 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

— Владимир Николаевич, дьэ бу Красноярскайга тустуу улахан түһүлгэтигэр баран иһэбит. Саха сирин көҥүл тустууга сүүмэрдэммит хамаандатын сүрүн тренерин быһыытынан эйигиттэн күрэхтэһии иннинээҕи санааҕын билиэхпин баҕарабын. Хамаанда хайдах бэлэмнээх баран иһэр дии саныыгын?
— Уопсай бэлэммитин барытын толору аастыбыт. Биллэрин курдук, Иван Ярыгин турнира биһиги биир сүрүн түһүмэхпит буолар. Итиэннэ Россия чемпионатын иннинээҕи бэйэбитин бэрэбиэркэлиир, тургутан көрөр түһүлгэнэн буолар. Уолаттар уопсай туруктара үчүгэй. Кыра эчэйиилэр ханна барыахтарай? Барытын сөпкө аттаран туруордахпытына эрэ ситиһии кэлиэ дии саныыбын.

— Бу турнирга бэлэмнэнэн ыытыллыбыт үөрэтэр-эрчийэр түмсүү сыалын-соругун ситтэ дуо?

— Уопсайынан, санаабыт барыта туолан иһэр. Сыаллаах үлэбит Каспийскайга буолбут Россия чемпионатын кэнниттэн тута саҕаламмыта. Сайыҥҥы өттүгэр “Манньыаттаах” базатыгар ситимнээх бэлэмнэниини аастыбыт. Ону таһынан Кабардино-Балкарияҕа, хайалаах сиргэ анал эрчиллиини барбыппыт. Ол кэнниттэн хас да күрэхтэһиигэ кытынныбыт. Сорохтор бэйэлэрин ситэ арыйан көрдөрөллөрүгэр анаан иккилии күрэхтэһиигэ кытыннылар. Буолан баран, бойобуой ыйааһыннарыгар. Ахсынньыга Кисловодскайга үөрэтэр-эрчийэр түмсүүгэ сылдьыбыппыт. Онно Виктор Лебедев толору программанан үлэлээбитэ. Уопсайынан, Кисловодскайга сүүмэрдэммит хамаанда уолаттарын барыларын илдьэ баран, таптыбыт дии саныыбыт. Дьиэттэн-уоттан тэйэн, үчүгэй үлэни ыыттыбыт. Уолаттарга барыларыгар даҕаны туһалаах буолла. Виктор Лебедев бэйэтэ сыалланан-соруктанан, баҕаран туран, аһыллан дьарыктаммыта. Кылгастык үлэбит түһүмэхтэрин эттэххэ итинник.
Иван Ярыгин турнирыгар биһиги билиҥҥи хамаандабыт түөрт сыллаах олимпийскай болдьоххо үһүс сырыытын кыттыыта буолар. Онон эрэнэбит. Билигин кылаабынайа, бу ыйааһын үүрүүтүгэр уонна чөлгө киириигэ спортсмен бэйэтин-бэйэтэ хонтуруоллаан, сыыһа хамсамматаҕына, нормальнай результат кэлиэ дии саныыбын.


— Дьон-сэргэ барыта интэриэһиргиир, Виктор Лебедев билиҥҥи туруга хайдаҕый?

— Витя Кисловодскайтан үчүгэй туруктаах, настырыанньалаах кэлбитэ. Ол эрээри, дьарык кэмигэр эчэйии ылбыта кистэл буолбатах. Онтукайын билигин арыый аһарынан эрэр. Ол кэмҥэ кыратык тымныйан ыалдьа сылдьыбыта. Ол да буоллар, уопсай дьарыгын тохтоппотоҕо. Кини бэйэтигэр сыалы-соругу туруорбут киһи. Сыала-соруга барыта чуолкай. Онон уопсай тылга, өйдөбүлгэ кэлэн үлэлэһэ сылдьабыт. Билигин кини 61 киилэҕэ тустара саамай сөптөөх быһаарыы дии саныыбын. Эрдэттэн оннук былааннаабыппыт, тоҕо диэтэххэ, ааспыт сыл киниэхэ сүрдээх ыараханнык ааста. Ол курдук, үс төгүл ыйааһынын түһэринэн 57 киилэҕэ кытынна. Итини мээнэ спортсмен тулуйбат түгэнэ.

— Бу, Красноярскайдааҕы турнирга Саха сириттэн 15 бөҕөс киирбит, кинилэр хайдах быһыылаахтык талылыннылар?
— Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай бэлэмнээх бөҕөстөрбүтүн ыллыбыт. Билиҥҥитэ үөһээ ыйааһыннарга бэлэмнээх дьоммут суохтар. Ити итэҕэһи билинэбит, бириэмэ наада. Оҕолору анаан үүннэрэн таһаарыахха наада. Манна сыһыары тутан эттэххэ, эдэрдэрбитигэр үөһэ ыйааһыннар эмиэ аһаҕас тураллар. Онно эмиэ үлэ барыан наада. Биһиги үлэбит барыта түһүмэхтэринэн барар. Биһиэхэ результат улахан дьоҥҥо ситиһиинэн сыаналанар. Ону эмискэччи кими эмэ ойутан аҕалан ыарахан ыйааһыҥҥа туһуннарар кыахпыт суох. Сайыҥҥы үлэлэрин түмүгүнэн, турнирдарга уонна үөрэтэр-эрчиллэр түмсүүлэргэ кыттыыларын барытын аттаран көрөн талбыппыт. Этэргэ дылы, састаапка соһуччу киирбит киһи суох. Барыта кытаанах сүүмэрдээһини ааспыт бөҕөстөр киирдилэр. Ситиһии барыта үлэнэн кэлиэхтээх. Мин бэйэм ирдэбилим оннук. Барыта үлэ уонна көрдөрүү түмүгүнэн буолуохтаах.

— ”Триумфка” буолбут быйылгы эрчиллиигэ омук сириттэн, Болгарияттан, Монголияттан тиийэ кэлэн кытыннылар. Ол туһунан тугу этиэххин сөбүй?
— Монголияттан эдэрдэр кэлбиттэрэ. Маннык, атын дойду бөҕөстөрө кэлэн бииргэ эрчиллиилэрэ үчүгэй көмө буолар. Болгарияттан олимпийскай призер Радослав Великов сылын аайы кэлэр. Кини манна аҥардас эрчиллэ эрэ буолбакка, спортсменнарбытыгар уонна тренердэрбитигэр бэйэтин билиитин-көрүүтүн, баай уопутун атастаһар. Радослав быйыл төрдүс Олимпиадатыгар кыттарга бэлэмнэнэ сылдьар. Ону тэҥэ гректии-римнии тустуу тренерэ Алим Урусмамбетов кэлэн көмөлөһөн барда. Партерга үлэлээһиҥҥэ, бырахсыыларга туһалаах сүбэлэри биэрдэ. Итини биһиги сүрдээх көмөлөөх диэн сыаналыыбыт. Бу циклга кини биһигини кытта толору үлэлэстэ. Өссө Владимир Модосян кэлэн Виктор Лебедеви кытта тэҥҥэ үлэлэстэ. Уопсайынан, бу үс киһи (Великов, Урусмамбетов, Модосян) биһиэхэ кэлэн саҥа сүүрээннэри киллэрдилэр.

— Турнирбыт саҕаланара бу кэллэ, маннык кэпсэтиигэ үгэһин хамаанда хас мэтээлгэ суоттанарый диэн ыйытыы баар буолааччы.
— Билэргит курдук былырыын Виктор Лебедев бастаабыта, Ньургун Скрябин уонна Егор Пономарев үһүс миэстэлэри ылбыттара. Быйыл даҕаны ити таһымтан түспэтэх киһи диэн баҕалаахпыт. Хамаандаҕа саҥа, эдэр уолаттар эбиллэн биэрдилэр. Кинилэр тустууларын үөрэтэн, сыныйан көрүөхпүт. Кыайа-хото айаннаан иһэбит. Хотторор туһунан толкуй киириэ суохтаах.

— Бэлэмнэнии хаһан ыйааһыннаныы буолуо диэри бара турар. Бүгүн Красноярскайга тиийэн баран, салгыы хайдах-туох үлэлиир былааннааххытый?
— Хамаанда начаалынньыга Осип Михайлов Красноярскайга эрдэ тиийэн, тэрээһин боппуруостарын быһаарса сылдьар. Ханна тиийэн түһэрбит барыта быһаарыллыбыта. Туох да кыһалҕа суох. Үбүлээһин боппуруоһугар эмиэ кыһалҕа суох. Биһиги билигин бөҕөстөр тренердэрин кытта сүбэлэһэммит хаалбыт кэмҥэ ким хайдах хамсанарын, ким төһө киилэни үүрэрэ хаалбытын барытын аттараммыт, үлэбитин салгыы ыытабыт. Бүгүн тиийээт даҕаны биир дьарыгы оҥоруохтаахпыт. Сарсын биирдэ эрчиллээт, 57 киилэлээхтэр ыйааһыннаныахтаахтар.

— Бу күннэргэ тустууну таптааччылар өрөйөн-чөрөйөн сылдьар кэмнэрэ, онуоха биир сомоҕо буолар инниттэн эн, хамаанда сүрүн тренерэ кинилэргэ туһаайан тугу этиэҥ этэй?
— Кыайыы хаһан баҕарар санаабытын курдук түргэнник кэлбэт. Биһиги олорор сирбит, айылҕабыт да тыйыс, бэйэбит даҕаны хорсун санаалаахпыт. Онон уолаттарга эрэниэххэйиҥ уонна ситиһиини тулуйан кэтэһиэххэйиҥ диэн этэбин. “Сүгэ түһүөр диэри дүлүҥ сынньанар” дииллэринии, кыратык уоскуйан кэтээн көрүөххэйиҥ, балаһыанньаны сөптөөхтүк сыаналыаххайыҥ. Биһиги тренердэр уонна спортсменнар эмиэ кыайыахпытын-хотуохпутун, эһигини, төрөөбүт өрөспүүблүкэбитин үөрдүөхпүтүн-көтүтүөхпүтүн баҕарабыт.

— Владимир Николаевич, кэпсээниҥ иһин махтал! Бу күрэхтэһиигэ айаннаан иһэн кылаабынай тренер санааларын иһиттибит. Аны күрэхтэһии кэнниттэн ситиһиилээх кэпсэтии буоллар ханнык диэн эрэнэ кэтэһэбит.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА