Владивостокка VII Илиҥҥи экономическай форум түмүктэннэ. Саха сирэ инвестицияны киллээриигэ Россия атын регионнарын ортотугар лидер буолла. Барыта 296 сөбүлэҥ сурулунна, уопсай суумата 3 трлн 272 млрд солк, ол иһигэр Саха сирэ 39 докумуоҥҥа илии баттаста, уопсай суумата — 338 млрд солк.
Айсен Николаев эрдэ бэлиэтээбитинэн, биир бөдөҥ сөбүлэҥ сурук Усуйаана улууһугар хайа промышленноһын кластерын арыйыыга суруллубут. Маны сэргэ Дьокуускайга олорор дьиэлэри тутуу кыбаарталларыгар, адаптивнай киин тутуутугар докумуоннар оҥоһулуннулар. АЛРОСА «Мир — Глубокий» руднигы тутууга ылсыаҕа.
Лидердар:
Саха Өрөспүүбүлүкэтэ — 39 сөбүлэҥ сурук, суумата 338 млрд солк,
Забайкальскай кыраай — 10 \ 148 млрд солк,
Сахалин уобалаһа — 9 \ 117 млрд солк,
Приморскай кыраай — 24 \ 100 млрд солк,
Камчатскай кыраай — 6 \ 58 млрд солк,
Магадан уобалаһа — 5 \ 45 млрд солк,
Бурятия — 9 \ 44 млрд солк,
Хакасия — 8 \ 30 млрд солк,
Амур уобалаһа — 13 \ 24 млрд.
Хайысхаларынан бастакы — регионнар социальнай-экономическай сайдыылара, үөрэх уонна наука, транспорт уонна логистика.
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА