Владимир Путин Федеральнай мунньахха туһаайыытыгар 2024 сылтан «Россия ыччата» саҥа национальнай бырайыак үлэлиирин иһитиннэрдэ.
Нацбырайыак ыччат бэлиитикэтин сайыннарыыга туһуланыаҕа. «Биһиги аҕа көлүөнэбит ыра санааларын толорууга тиийдибит, ол ситиһиилэрбитинэн киэн туттабыт. Оттон дойду сарсыҥҥы күнүн ыччат ситиһиитэ, олоххо көрүүтэ, кинилэр ханнык да түгэҥҥэ бигэ туруктара быһаарар. Бу Россия суверенитетын мэктиэтэ, сүрүн уурунуута, историябыт салгыыта. Ыччат бэлиитикэтигэр баар үтүө уопуттары түмэн, быйылгыттан «Россия ыччата» диэн национальнай бырайыагы үлэлэтиэххэ», — диэтэ Владимир Путин.