Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба дьаһалтатын салайааччыта Юрий Куприянов Өймөкөөн улууһун Уус Ньара бөһүөлэгэр саҥа дьиэҕэ киирии сиэригэр-туомугар кытынна. Хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэттэн гражданнары көһөрүү федеральнай бырагырааманан Өймөкөөҥҥө быйыл өссө маннык алта дьиэ киирэрэ былааннанар.
«Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Егор Борисов, дойду үрдүнэн төһө да экономическай кириисис сатыылаатар, быйыл Саха сиригэр уопсайа 600 тыһ.кв.м. иэннээх дьиэни тутар туһунан сорук туруорбута. Онон киэҥ далааһыннаах үлэ барар. Хас биирдии саҥа дьиэ оҕо дьоллоох күлүүтүнэн туоллун, ил-эйэ баар буоллун», — диэтэ Юрий Куприянов.
Дьиэни туппут «Стройкон» ХЭТ сүрүн дириэктэрэ Иван Полушкин бэлиэтээбитинэн, тутуу олус хаачыстыбалаахтык барда. «Тутар объектарбыт хаачыстыбатыгар улахан болҕомтобутун уурабыт. Биэс сыл эбэһээтилинэй мэктиэлээхпит», — диэтэ кини.
Саҥа дьиэҕэ киирии үөрүүлээх түгэнигэр улуус баһылыга Михаил Захаров, Уус Ньара баһылыга Василий Ефимов, Ил Түмэн депутата Василий Местников кыттыыны ыллылар.
sakha.gov.ru сайтан ылылынна.