Уус-Майа оройуонугар бырабыыталыстыба үс бөлөҕө отчуоттуур. Олунньу 8 күнүгэр Петропавловскайга, олунньу 9 күнүгэр Күпкэ, Эльдикааҥҥа, Югоренокка, Солнечнайга, Белькачига уонна Усть-Мильга отчуоттууллар.
Олунньу 10 күнүгэр отчуоту Эдьээҥҥэ уонна Звездочкаҕа оҥоруохтара. Түмүктүүр мунньах Усть-Майа бөһүөлэгэр буолуоҕа.
Петропавловскай олохтоохторо электричество уотунан, итиинэн хааччыллыыга, тохтоло суох интернет үлэтигэр, хамнас индексациятыгар, суол тутуутугар боппуруостары туруорустулар.
Оройуон киинигэр Уус Майа бөһүөлэгэр киирии суол быһаарыллара этилиннэ. Амма — Уус Майа хайысханан үс килэмиэтирдээх суол учаастагын суолу оҥорооччулар быйыл өрөмүөннүөхтэрэ, регион сүрүн пресс-сулууспата суруйда.