22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Уус Алдан улууһун муниципальнай архыыбыгар 25 тыһыынча кэриҥэ докуомуон харалла сытар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Уус Алдан улууһун муниципальнай архыыба бу сыл бүтэһик кыбаарталыгар саҥалыы, аныгылыы уларытан оҥоһуллубут урукку аптека дьиэтигэр көһөөрү бэлэмнэнии үлэтин ыыта сылдьар. Бу туһунан улуус дьаһалтатын архыыбын салаатын сэбиэдиссэйэ Айталина Прибылых кэпсээтэ диэн СИА-ҕа суруйда «Мүрү саһарҕата» хаһыат.

– Уус Алдан муниципальнай архыыбын 64 фондатыгар уопсайа 25 тыһыынча кэриҥэ докуомуон харалла сытар. Бу докумуоннар – дьон-сэргэ бэйэтин конституционнай, социальнай, баайга-дуолга бырааптарын дакаастыыр күүстээх кумааҕылар. Юридическай күүстээх докумуон судаарыстыбаннай хараллыыга үйэ тухары сытар. Маны таһынан историческай суолталаах докумуон ахсаана архыыппытыгар быһа холоон 17 тыһыынчаҕа тэҥнэһэр.

Уус Алдан улууһун архыыбын үлэтэ сыллата өрөспүүбүлүкэҕэ үчүгэй таһымҥа сылдьар. Ол гынан баран, усулуобуйа мөлтөҕүттэн, миэстэ суоҕуттан, докумуону тутуу үлэтэ кэлин тохтоон турар.

Уопсай кээмэйин ыллахха, бу докумуоннары харайыыга улахан дьиэ-уот наада. Биһиги архыыппыт улуус дьаһалтатын дьиэтигэр бастакы этээскэ 72 кв.м. иэннээх хосторго баар, онуоха докумуоннары харайар хоһо баара-суоҕа 48,0 кв.м. иэннээх. Бу ханнык да туһааннаах быраабылаҕа сөп түбэспэт. Холобур, быраабыла быһыытынан, хранилищетыгар үчүгэйдик салгын оонньуур буолуохтаах, историяны үөрэтэр чинчийээччилэргэ ааҕар саалалаах, килийиэни кытары үлэлиир хос киэҥ-куоҥ буолуохтаах, ону таһынан офиснай салаалаах буолуохтаах.

Биһиги архыыппытыгар сылга ортотунан 1500 киһи аҥаардас социальнай, баайы-дуолу бас билиигэ бырааптарын көмүскэтэр докумуоннарга сайаапкалыыр, онуоха итинник сайаапкаларга ортотунан 3000 кэриҥэ докумуон оҥоһуллар, маны таһынан историяны үөрэтэр чинчийээччилэр сыл иһигэр ортотунан 60 киһиэхэ тэҥнэһэллэр. Бу дьону кытары үлэлэһэргэ бүгүҥҥү күҥҥэ диэри сөптөөх усулуобуйата суох үлэлээн кэллибит.

Архыып бибилэтиэкэ үлэтин курдук учуоттуур үлэтэ олус элбэх. Бу үлэ күннэтэ ыытыллар, ирдэбилэ олус үрдүк. Маны таһынан аныгы кэмҥэ архыып Интернет нөҥүө үлэтэ элбэх. Холобур, докумуоммут барыта Арассыыйа электроннай архыыбын фондатыгар киириэхтээх. Маныаха учуот уонна Интернет нөҥүө үлэни бэйэм ыытабын. Оттон кылаабынай архивист Анастасия Петрова уонна сүрүннүүр исписэлиис Гаврил Пухов гражданнары кытары үлэлииллэр. Үлэлэрэ наһаа элбэх. Хас биирдии килийиэн тус-туспа кыһалҕата элбэх. Ону, усулуобуйа да суох буоллар, сөптөөх хоруйу кэмигэр биэрэргэ бэриниилээхтик үлэлииллэр.

Онон үлэлиир сирбитин кэҥэтии кыһалҕатын быһаарыыны туруорсубутум ыраатта даҕаны, сылтан сыл кыаллыбакка кэллэ. Улууспут баһылыгынан Алексей Федотов кэлиэҕиттэн кыһалҕа дьэ быһаарыллыах курдук буолбута, ол гынан баран, усулуобуйаҕа сөп түбэһэр дьиэ көстүбэккэ, эмиэ уһаабыта. Дьиэ хайаан да таас буолуохтаах буолан, ирдэбилгэ эппиэттиир дьиэ суох этэ. Аны 2019-2020 сылларга хамсааһын тахсан иһэн, хамсык ыарыы мэһэйдээн, эмиэ тохтоон хаалбыта.

Дьэ уонна 2021-2022 сылтан олох моһуона арыычча көммүтүн кэннэ дьэ күүстээх үлэ саҕаланан, көһүөхтээх дьиэбит икки тэрилтэҕэ ананан бырайыактанан үлэ түргэнник барбыта. Ол түмүгэр улуус түмэлэ сайын спортивнай оонньуулары көрсө үлэҕэ киирбитэ, оттон архыыпка анаммыт өттө күһүн ситэриллэн, билигин улахан өттө бүтэн турар, бытархай сиппэккэ турара оҥоһулла сылдьар. Бэйэбит өттүттэн баһылык быһа дьаһайыытынан анал график быһыытынан хомуна сылдьабыт. Манна улуус дьаһалтатыгар үлэлиир кэллиэгэлэрбит улахан күүс-көмө буолаллар.

Уопсайынан, үрдүк таһымҥа ааспыт Саха сирин норуоттарын VIII спортивнай оонньууларыгар бэлэмнэниигэ тэрилтэлэр уонна биһиги, дьаһалта үлэһиттэрэ, олох биир сомоҕо буолан, түүнү-күнү аахсыбакка, ханнык да хара үлэттэн чаҕыйбакка, үлэлээбиппит курдук бу бүгүҥҥү күҥҥэ эмиэ көстөр. Ким да туора турбат.

Манна улуус салайааччыта түмэр үлэни сөптөөхтүк ыыта олороро харахха быраҕыллар.

Саҥа дьиэбит туһунан сырдатар буоллахха, Ленин уулуссатын өттүттэн улуус түмэлэ үлэлиир, соҕуруу өттүгэр бастакы этээскэ улуус архыыба көһөн үлэлиэҕэ. Архыып уопсай иэнэ – 200-тэн тахса кв.м. (билигин үлэлии олорор сирбититтэн үс төгүл курдук улахан). Манна икки кэбиниэт, анал ааҕар саала, икки хранилище уонна биир гражданнар олорон исписэлииһи кытары консультациялаһар зоналара баар буолуохтара.

Докумуоннар хараллар сирдэрэ киэҥнэр. Биир саамай үөрүүбүт – улахан хранилищеҕа Москваттан рельсэнэн сүүрэр аныгы стеллажтар кэлэн турдулар. Бу сыаналаах бэлэҕи биһиэхэ улууспут баһылыга Алексей Федотов оҥордо. Онон киниэхэ махталбыт муҥура суох уонна, түгэнинэн туһанан, бу историческай көһүүбүтүгэр көмөлөһө сылдьар тэрилтэлэргэ, улуус дьаһалтатыгар бииргэ үлэлиир кэлэктииппитигэр дириҥ махталбытын тиэрдиэхпит этэ. Улууспут Аҕа баһылыга биһиэхэ өрүү: «Улууспут туһугар бары биир сыаллаах үлэлиибит, онон эйиэнэ-миэнэ диэбэккэ, үлэҕэ бары турабыт!» диирэ өйбүтүгэр тоһоҕоломмута саарбаҕа суох.

Ити курдук, саҥа киэҥ дьиэҕэ үлэбит хаачыстыбата өссө үрдүө уонна ирдэнэр үлэни кэмигэр оҥорорго эрэллээхпит диэн түмүктүүбүн, — диэтэ Айталина Прибылых.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА