22 Сэтинньи 22.11
  • -33°
  • $ 100,68
  • 106,08

Уус Алдан улууһугар үс бөдөҥ социальнай эбийиэк олоххо киирдэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Баскыһыанньаҕа, олунньу  20 күнүгэр  Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев салайааччылаах  өрөспүүбүлүкэ  правительственнай делегацията  Уус Алдан улууһугар үлэлээтэ.  Делегация састаабыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин  бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Жирков, өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников, бырабыыталыстыба чилиэннэрэ, «АЛРОСА» АО генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Алексей Дьячковскай о.д.а. сырыттылар.

Айсен Николаев, Александр Жирков уонна  Сергей Местников Суотту орто оскуолатын саҥа тутуллубут  дьиэтин көрдүлэр-иһиттилэр уонна оскуола коллективын кытта көрүстүлэр,  Бороҕоҥҥо 75 миэстэлээх оҕо саадын  уонна В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан  “ Тойон Мүрү ”  Культура дыбарыаһын  үөрүүлээх аһыллыытыгар сырыттылар.

Суоттуттааҕы  орто оскуола

Суотту орто оскуолата «Образование» национальнай бырайыак чэрчитинэн  тутуллубут 220 миэстэлээх саҥа оскуолаҕа көстө. Урукку  кэмҥэ оҕолор түөрт араас дьиэҕэ үөрэммиттэрэ. 1975 сыллаахха тутуллубут  оскуола  дьиэтэ аварийнай туруктаах буолан  көтүрүллүбүтэ.

Икки этээстээх саҥа таас оскуола үөрэнэр  кылаастары сэргэ анал лабораторнай кабинеттардаах, мастарыскыайдаах, лингафоннай мультимедийнай кабинеттаах, конференц-саалалаах, спорт саалалаах, хореография кабинеттаах, библиотекалаах, 78 миэстэлээх аһыыр сирдээх. Оскуола чэрчитигэр футбол хонуута, сүүрэр дорожкалар уонна спорт былаһаакка бааллар.  Оскуолаҕа «Точка роста»  цифровой уонна гуманитарнай профиллаах киин уонна цифровой үөрэтэр кабинет арыллыбыттара.

Суотту орто оскуолатыгар 11 кылаас-кэмпилиэккэ 190 үөрэнээччи үөрэнэр. Кэнники биэс сылга үөрэнээччилэр  Бүтүн Россиятааҕы үгүс тэрээһиннэргэ ситиһиилээхтик кытталлар, сылын аайы  судаарыстыбаннай олимпиадалар региональнай түһүмэхтэрин финалистара буолаллар.

Оҕо саада     

Бороҕоҥҥо саҥа тутуллан олоххо киирбит оҕо саада 883 кв. м. иэннээх. “Демография” национальнай бырайыак чэрчитинэн АКБ “Алмазэргиэнбаан” АО  кыттыытынан тутулунна.  “Силим” тутуу хампаанньата  генеральнай бэдэрээччит буолла.

Саҥа саадка үөрэтэр бөлөхтөрү сэргэ музыкаҕа уонна гиимнастикаҕа дьарыктыыр саалалар, психолог уонна логопед кабинеттара, методическай кабинет уонна медицина  блога  баар. Оҕолор дьарыктанар хосторо  тупсаҕай миэбэлинэн уонна аныгы үөрэх тэриллэринэн – магниттаах маркер дуосканан, цифровой пианинонан хааччыллыбыттар. Спордунан дьарктанарга анаан сүүрэр дорожкалар, велотренажер, горка, батут уонна кураанах бассейн ылбыттар. Оҕо саада квалификациялаах кадрдардаах.

Культура дыбарыаһа

3800 квадраттаах м. иэннээх В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан  «Тойон Мүрү» аныгы тэрилинэн хааччыллыылаах, 270 миэстэлээх актовай саалалаах, үөрэх ыытар хостордоох,  ааҕар саалалаах  библиотекалаах.

Уус Алдан улууһун баһылыга А.В. Федотов бэлиэтээбитин курдук, «Тойон Мүрү»  Культура дыбарыаһа 2018 сылтан отутус социальнай эбийиэк буолла.  Дыбарыас тутуута 2020 с. «АЛРОСА» компания  СӨ  Үүнэр көлүөнэтин целевой фондатыгар киллэрэр дивиденнэринэн саҕаламмыта.

Саха бастакы көлүөнэ интеллигенциятын лиидэрэ буолбут В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатын сүгэр аныгы Культура дыбарыаһа Россияҕа культурнай нэһилиэстибэ сылыгар аһыллыбыта  ураты бэлиэ.

Уус Алдан улууһугар VIII Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын спортивнай оонньууларын бэлэмнээһин уонна ыытыы боппуруостарыгар  тэрийэр комитет мунньаҕа

Бу сыл от ыйын 4-9 күннэригэр Уус Алдан улууһа  Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын VIII спортивнай оонньууларын ыытыаҕа. Күрэхтэһиилэргэ 2000-тан тахса спортсмен кыттара күүтүллэр. Программаҕа 16 спорт көрүҥ – аэрробика, баскетбол, волейбол, мини-футбол, чэпчэки атлетика, остуол тенниһэ, спортивнай тустуу, дуобат, саахымат, ох саанан ытыы, гиирэ, спортинг, бокса киирдилэр. Күрэхтэһиилэр Бороҕоҥҥо, Мындаабаҕа, Сыырдаахха уонна Чараҥҥа ыытыллыахтара.

Уус Алдаҥҥа ыытыллар оонньууларга түөрт спорт эбийиэгэ тутулла турар: Бороҕоҥҥо 1000 миэстэлээх сүүрэр дорожкалаах стадион, Чараҥҥа 1124 миэстэлээх трибуналаах ипподром, Мындаабаҕа 32 миэстэлээх уопсайдаах спорт универсальнай комплекса.  Сыл бүтүөр диэри улуус киинигэр – Бороҕоҥҥо элбэх функциялаах чэбдигирдэр-спортивнай комплекс тутуллара былааннанар.

Бороҕоҥҥо үс сүрүн уулусса – Юннаттар уонна Ленин аатынан уулусса асфалланыахтара, Стрекаловскай уулуссата бетоннаныаҕа.

Александр Жирков: Тутуу инникитин салҕаныаҕа

СӨ Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы  А.Н. Жирков бу үс эбийиэккэ быраабыталыстыба делегациятыгар сылдьан,  “Тойон Мүрү” В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан Культура дыбарыаһын үөрүүлээх аһыллыытыгар бэйэтин тыл этиитигэр кини кэнники сылларга  өрөспүүбүлүкэ үрдүкү салалтатын өттүттэн тыа сиригэр улахан болҕомто ууруллубутун,   социальнай  эбийиэктэр олоххо киириилэрэ элбээбитин, тутуу улахан тэргэн суолларынан өссө күүһүрүөҕүн, СӨ Ил Дарханын дьаһалынан “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр государственнай уонна официальнай тыллары харыстааһын уонна сайыннарыы”  диэн дьоһун судаарыстыбаннай программа ылыллан, бу программа саха түөлбэлээн, уутуйан олорор улуустарыгар, ол иһигэр Уус Алдан улууһугар улахан суолталаныаҕын,  саха тылыгар, саха үгэстэригэр, саха олоҕор-дьаһаҕар эргиллиигэ  суолталаах, кэнэҕискилээх буолуоҕун туһунан эттэ.

Бастакы вице-спикер Уус Алдан улууһа  сиринэн-уотунан уратылааҕын, икки өрүс холбоһор сиригэр тумуллаан, тоҕойдоон турар сир буоларын, төһө да киин улуустар ахсаааннарыгар киирэрин иһин, тэргэн аартыктартан тэйиччи турарын  бэлиэтээтэ. Билиҥҥи, өрөспүүбүлүкэ федеральнай үбү тардар, бөдөҥ бырайыактары олоххо киллэрэр  кэмнэригэр үп-харчы тэргэн аартыктарынан барарын, оттон  Уус Алдан улууһа турар сирэ уратытынан  ол хамсааһынтан — суол тутуутуттан,  итии тардыллыытыттан тэйиччи соҕус буолар туруктааҕын, ол эрээри туора туран хаалыа суохтааҕын,  өрөспүүбүлүкэ салалтата өйүүрүн, онон салгыы тэтимнээх үлэ барыахтааҕын туһунан эттэ.

Бастакы вице-спикер Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана А.С. Николаев  өрөспүүбүлүкэ баһылыгын быыбара өссө буола илигинэ  Өрөспүүбүлүкэ Баһылыгын эбээһинэһин толорор кэмигэр Уус Алдан улууһугар кэлэ сылдьан  улуус олоҕун-дьаһаҕын туругун билсэн, улуус дьаһалтатын дьиэтигэр  Саха сирин норуоттарын  VIII оонньууларын ыытар туһунан дьаһалга илии баттаабытын, улуус киининээҕи культура киинэ хайдах туруктааҕын көрөн баран  СӨ Үүнэр көлүөнэтин  фондатын салайааччытыгар, билиҥҥи Бэрэссэдээтэли солбуйааччы  С.В. Местниковка  кылгас кэмҥэ, VIII Оонньуулары көрсө Культура дыбарыаһын тутуутугар  ылсарга  сорудахтаабытын аҕынна.  Оттон күн бүгүн В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан  Культура Дыбарыаһа  олоххо киирэн аһыллыбытыттан  астынарын биллэрдэ. Суотту оскуолата хаачыстыбалаахтык тутуллубутугар эрэнэрин, биир бастыҥ оскуола буоларын эттэ. Александр Николаевич инникитин  Саха сирин норуоттарын VIII оонньууларын  үрдүк  таһымнаахтык  ыытарга  ыҥырда.

Мария Васильева, СИА хаартыскаҕа түһэриитэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА