Бүгүн, олунньу 12 күнүгэр, Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүн чэрчитинэн, Уус Алдан улууһун Бороҕон нэһилиэгин Тумул бөһүөлэгэр бэрт интэриэһинэй тэрээһин буолан ааста, нэһилиэнньэ болҕомтотун тарта.
А.Р.Халдеева аатынан библиотека 3 нүөмэрдээх филиалыгар сэбиэдиссэй Светлана Прудецкая көҕүлээһининэн, нэһилиэк дьоно-сэргэтэ саха норуодунай суруйааччыта Николай Мординов — Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» романыттан быһа тардан диктант суруйдулар.
Маны таһынан, викторина ыйытыктарыгар хоруйдаан, таайбараҥ таайсан, кинигэ быыстапкатын көрөн, күнү көхтөөхтүк атаардылар. Олус туһалаах тэрээһин буолла.