Бэҕэһээ, иккис аан дойду сэриитэ түмүктэммит күнүгэр, Тумул бөһүөлэгэр «Кыайыы түһүлгэтэ» арылынна.
Олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагырааманан уонна Тумултан төрүттээх урбаанньыт, меценат Петр Алексеев көмөтүнэн «Кыайыы түһүлгэтэ» болуоссат үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна.
Олохтоохтор бэлиэтииллэринэн, бу маннык кэрэ көстүүлээх өйдөбүнньүк миэстэ ыччат төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх буоларыгар үөрэтэр.