30 Алтынньы 30.10
  • -17°
  • $ 97,33
  • 105,44

Уус Алдан Бээрийэтигэр бөрө үөрэ баара билиннэ

13:01, 25 января
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Уус Алдан улууһун Бээрийэтигэр адьырҕа кыыллар суолларын олохтоохтор оскуола таһынан көрдүлэр, сорохтор дьиэлэрин таһыгар улуйалларын иһиттилэр.

ЯСИА-ҕа бөрөһүттэр биригээдэлэрин булчута Пётр Охлопков эппитинэн, дэриэбинэ таһынан алта-сэттэ бөрө баара биллэр. «Бөрө суолун бэҕэһээ көрбүппүт, киэһэ биэс чаас саҕана оскуола таһыгар. Сорох дьон дьиэлэрин таһыттан бөрө улуйарын истибиттэр. Барыллаан, дэриэбинэҕэ алта-сэттэ кыыл киирэ сылдьыбыт. Дьон куттанар, бөрө чахчы киһи олоҕор кутталы үөскэтэр адьырҕа буолар. Биһиги биригээдэбит онно үлэлии барарга бэлэмнэнэр», — диэтэ бөрөһүт Охлопков.

Бээрийэ баһылыга Петр Васильев эппитинэн, урут маннык көстүү буола илигэ. «Элбэх тыллабыр быйыл киирдэ, бөрө баарын туһунан. Соторутааҕыта ыаллыы сытар Түүлээххэ бөрө үөрүн көрбүттэрин кэпсээбиттэрэ. Бэйэм быйыл иккитэ көрдүм суолга айанныы сылдьан. Билиҥҥи туругунан сылгылары тардыбыттарын туһунан тыллабыр суох. Булчуттар хапкааннары уурдулар, дьоҥҥо биллэрдибит куттал баар буолуон сөптөөҕүн сэрэтэн», — диэтэ кини.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА