Уус Алдан улууһун киинигэр, Бороҕоҥҥо, Олоҥхо дьиэтэ үһүс сылын «Өбүгэ ситимэ» диэн уран уустар түһүлгэлэрин тэрийэн, быыстапканы үлэлэтэр.
Бу сырыыга быыстапка аанын олунньу 25 күнүгэр тэлэччи аста. Барыта 21 нэһилиэктэн 80-тан тахса кыттааччы кэлэн, бэйэтин улэлэрин дьон-сэргэ дьүүлүгэр таһаарда.
Быйылгы тэрээһин Саха биир бастыҥ общественнай деятелэ, сырдатааччыта, суругун-бичигин, бэчээтин, суруналыыстыкатын төрүттээччитэ, кыраайы үөрэтээччитэ, революция иннинээҕи саха национальнай интеллигенциятын биллэр баһылыга Василий Васильевич Никифоров — Күлүмнүүр төрөөбүтэ 150 сылыгар уонна 120 сыл анараа өттүгэр кини тэрийиитинэн Нижнэй Новгород куоракка Бүтүн Россиятааҕы уус-уран-промышленнай быыстапкаҕа Саха сирэ аан маҥнайгы кыттыыны ылбыт күнүгэр ананна.
Биэчэр үөрүүлээх чааһын улуус солбуйар баһылыга Михаил Борисов эҕэрдэтинэн, «Уус Алдан улууһун норуотун маастара» түөскэ кэтэр анал мэтээллэри туттарыыттан саҕаланна.
«Улуус үрдүнэн талба талааннаах, уран тарбахтаах уустар, иистэнньэҥнэр үгүстэр. Кэлин сылларга туоһунан дьарыктанааччылар, быһах, хомус уустара, таҥаһы аттаран тигээччилэр ааттара-суоллара республикаҕа иһиллэр-көстөр буолла. Билигин Уус Алдан улууһугар 11 «Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара», 10 «Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун уус-уран оҥоһуктарын маастара» уонна 14 «Уус Алдан улууһун норуотун маастара» олорор, айар-тутар», — диэн бэлиэтээтэ улуустааҕы культура управлениетын специалиһа Матрена Герасимова.
Бу күн 1896 сыллаахха, 120 сыл анараа өттүгэр, Никифоров-Күлүмнүүр Нижнэй Новгород куоракка Саха сирин быыстапкатын салайан илдьибитин туһунан Бороҕоннооҕу улуус историятын музейын директора Зоя Белолюбская сырдатан кэпсээтэ.
Биэчэр иккис аҥарыгар «Айыллан» народнай театр туруоруутугар «Манчаары» драматтан быһа тардыыны дьон дьүүлүгэр таһаардылар.
Бу курдук Күлүмнүүргэ анаммыт биэчэр киэҥ далааһыннаахтык ыытыллан, дьон-сэргэ дуоһуйа сынньанан, саҥаны билэн-көрөн барда.