Бэс ыйын 28-29 күннэригэр, Саха сирин кырдьаҕас историческай куоратыгар Верхоянскайга өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа буола турар. Бэлиэтээн эттэххэ, аан бастаан Саха сирин хотугу өттүгэр буолар. Усуйаана улууһуттан 25 киһи кыттар.
Усуйаанаттан, улуус дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Ополлуон Болтунуоп баһылыктаах 25 киһилээх дэлэгэссиийэ кытта сылдьар. Кинилэр ортолуругар Татыйыына Боротопуопаба салайааччылаах «Далбар хотун» ансаамбыл, Маарыйа Сахаараба хотуннаах «Алгыс» бэтэрээннэр кулууптарын кыттыылаахтара бааллар. Ону кытта оһуохай, тойук куонкурсугар кыттаары Раиса Сырабааскайа, Дьэбдьиэй Баһылаайаба, Өлөксөөндүрэ Эрэбириэбэ, Сайаана Баһылаайаба тиийдилэр. Сахалыы таҥас күрэҕэр модельер Биктиэрийэ Ыстапаанаба уонна бэтэрээннэр кытталлар.
Кыыдааннаах Кыыс Бухатыыр диэн кыргыттар күрэхтэригэр Сайыына Намыылаба, Күүстээх Ааппый аатынан бирииһигэр Өлөксөй Хоһуолап киирсэллэр. Кыргыттар күрэхтэрэ элбэх өрүттээх: сылбырҕа, тэтиэнэх да буолуохтааххын; бэйэни билсиһиннэрии, өйүҥ-санааҥ, дьүһүнүҥ-таҥаһыҥ, быһыыҥ-таһааҥ сыаналанар; дьиэ да хаһаайкатын быһыытынан бэйэҕин көрдөрүөхтээххин. Күүстээх Ааппый диэн Бэрхэйээн улууһун биир аатырбыт киһитэ, номох быһыытынан Усуйаана хоһууттарын кытта элбэхтик эрийсибит киһи. Кини оонньообут хас да көрүҥэр сытыы киирсии буолара буолуо диэн сэрэйиллэр. Биһиги оҕолорбут, иккиэн да, ааттаах суоллаах ыччаттар. Онон усуйааналар ааттарын түһэн биэриэхтэрэ суоҕа диэн бүк эрэнэбит.
Сахалыы аһынан усуйааналар ааттарын көмүскүөҕэ уонна күндүлүөҕэ Биэрэ Оруоһуна. Онтон сахалыы оҥоһуктар быыстапкаларыгар Биэрэ Баһылаайабынаны кытта Кылаабдьыйа Чуукураба кыттыаҕа. Иккиэн Бэрхэйээн улууһун кийииттэрэ буолаллар.
Уруккуттан ыаллыы сытар буоламмыт, биир оройуон да буола сылдьыбыт буолан, Бэрхэйээн улууһун кытта сибээспит киэҥ. Биһиги дэлэгэссээйини иилээн-саҕалаан илдьэ сылдьар Марыына Болтунуоба. Араас кэнсиэртэргэ, көрсүһүүгэ байаанынан доҕуһуоллуо Мэхээлэ Горуохап.