Муома улууһун Улахан Чыыстай бөһүөлэгэр сэргэх күннэр турдулар. Аграфена Васильева сэбиэдиссэйдээх «Осикат» оҕо саадын иитиллээччилэригэр Аан дойдуга Оҕо көмүскэлин күнүнэн уонна «Азия оҕолоро» спортивнай оонньуулары көрсө, бэртээхэй күрэхтэһии буолбут. Бу туһунан СИА нэһилиэк олохтооҕо, төрөппүт Ирида Гайсарова иһитиннэрдэ.
««Дюкакан», «Нимкан», «Нөлтэнкэ» бөлөхтөр оҕолоругар күрэхтэһии бэртээхэйэ буолла. Быйыл «Эвинек» национальнай бырааһынньыкпыт спортивнай күрэхтэһиитигэр миэстэлэспит кырачааннар Петя Саввин, Күннэй, Сандра Литвинцевалар, Рома Тарабукин, Аскалон Громов, Худи-Оскар Соловьев, Агния, Владимир Гайсаровтар, Настя Домальчук, Степа Слепцов гимн тыаһынан доҕуһуоллатан, күрэхтэһии былааҕын киллэрэн күөрэччи көтөхтүлэр.
Ол кэннэ күрэхтэһии күүрээннээҕэ саҕаланна. Ырааҕы ыстаныыга, түргэн сүүрүүгэ, кумахтаах кыра мөһөөччүгү быраҕыыга, о.д.а. күөн көрүстүлэр. Саҕаланыаҕыттан ураты истиҥ, сэргэх, үөрүүлээх тэрээһин буолан, төрөппүттэр бары улаханнык астынныбыт, оҕо саадын коллективыгар махтанныбыт», — диир кини.
Күрэхтэһиини оҕо саадын үлэһитэ Мария Винокурова иилээн-саҕалаан ыытта. СӨ панкратиоҥҥа турнир икки төгүллээх кыайыылааҕа, 2009 сыллаахха Владивостокка ыытыллыбыт Аан дойду кубогын чемпионатын призера Василий Наумов күрэхтэһии кылаабынай судьуйатынан буолла.
Түмүккэ, тэрийээччилэр доҕордоһуу кыайбытын иһитиннэрэн туран, кырачаан спортсменнарга бука барыларыгар дохсун ытыс тыаһыгар доҕуһуоллатан бэртээхэй бириистэри туттардылар.