25 Сэтинньи 25.11
  • -19°
  • $ 102,58
  • 107,43

Тыа сирин ипотекатынан 60 киһи туһанна

12:01, 21 августа 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов социальнай ситимнэринэн быһа эфир кэмигэр тыа сирин ипотекатын, “Агростартап” граннарын туолуутун туһунан кэпсээтэ. Бу туһунан СИА суруйар.


Быйыл тыа сирин биир кэлим сайыннарыы федеральнай бырагыраама олоххо киирбитэ. Бырагыраама биир хайысхатынан тыа сирин ипотеката буолар. Миниистир Александр Атласов эппитинэн, Саха сиригэр тыа сирин ипотекатыгар быйыл 350 сайаапка киирбититтэн 60-гар 150 мөл солк сууммаҕа кирэдьиит бэриллибит.

Санатабыт, ипотека 23-тэн 65-гэр диэри саастаах тыа сиригэр пропискалаах, онно олохтоох эрэ дьоҥҥо бэриллэр.

Маны таһынан миниистир “Агростартап” граннарын туһунан кэпсээтэ. «2019 сылтан үлэлиир “Агростартап”-ка билигин сүүмэрдээһин бара турар. Быйыл бу бырайыагынан 54 үлэ миэстэтин, 27 саҥа бааһынай хаһаайыстыбатын тэрийиэхтээхпит. Бастакы сүүмэрдээһин от ыйыгар буолта, билигин иккис ыытылла турар. Түмүк кэлэр нэдиэлэ саҕаланыыта биллиэ. Билигин хамыһыйа сайаапкалары үөрэтэр», — диэтэ миниистир.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА