30 Алтынньы 30.10
  • -17°
  • $ 97,33
  • 105,44

Тупсарыныы сыла: Сунтаар нэһилиэктэригэр үлэ барар

11:11, 18 октября 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

2016 сылы Ил Дархан Егор Борисов Тупсарыныы сылынан биллэрэн тыа сиригэр сэргэхсийиини таһаарда. Ураты суолталаах дьаһалга олохтоох дьон олус көхтөөхтүк кыттан, нэһилиэктэргэ үлэ күөстүү эргийэр. Сунтаар улууһа хаалсыбат.


Аллыҥаҕа. 40-ча баҕана туран, уулуссалар толору сырдатылыннылар. «Сунтарцеолит» ХЭТ бөһүөлэк иһинээҕи суолу оҥоро сылдьар. Толору хааччыллыылаах саҥа ФАП тутуута түмүктэнэн эрэр. Миэбэлинэн Киин балыыһа кыралаан хааччыйа турар.
Итини сэргэ 50 миэстэлээх, 2 мэндиэмэннээх, толору хааччыллыылаах оҕо саадын тутуута бу ыйынан түмүктэниэхтээх. Билиҥҥи туругунан олбуора эрэ хаалан турар. Быйыл атын улуустартан элбэх эдэр исписэлиис кэллэ. Ол курдук, оскуолаҕа 8 саҥа учуутал, оҕо саадыгар 2 иитээччи үлэлэрин саҕалаатылар.
«Ал-Су» ТХПК этэҥҥэ үлэтин салгыыр. Бүгүҥҥү күҥҥэ ортотунан 500 киилэ үүт бородууксуйатын оҥорон таһаарар.

Бүлүүчээҥҥэ. Нэһилиэнньэлээх пууннары тупсарыы сылыгар бэриллибит үп барыта туттулунна. Ууну ыраастыыр станция тутулла турар. Ол эрэн, бу ыйга эбийиэк тутуута түмүктэниэхтээх этэ да, кэккэ биричиинэлэринэн үлэ тохтообут.
Эдэр ыалларга толору хааччыллыылаах 4 квартиралаах дьиэ тутуута саҕаланна. Бу дьыл ахсынньы ыйыгар диэри көҥдөйүн уонна сарайын тутуохтара. Онон тутуу кэлэр сыл атырдьах ыйыгар түмүктэниэҕэ.
Маны сэргэ нэһилиэккэ киин хочуолунай тутуута саҕалам-мыт. Онон эбийиэк үлэҕэ киирдэҕинэ олохтоохтор киинтэн ититинэр кыахтаныахтара. Үп-харчы ыгым буолан, тутуу эмиэ икки түһүмэххэ арахсыаҕа. Быйыл саҕалыахтара уонна кэлэр сылга үлэни ситэрэн, эбийиэги туттарыахтара.

Кириэстээххэ. «Сайдам» микрооройуоҥҥа сиэмэнтэ сыбаайалаах саҥа баҕаналары туруора сылдьаллар. Итини сэргэ «Молодёжнай» микрооройуоҥҥа уонна кулууп иннигэр оҕо былаһаакката туруохтаах.
Бу дьыл саҕаланыытыгар эдэр ыччаттарга ыытыллыбыт дьыалабыай оонньууга III миэстэни уонна 20 тыһ. солк. Граны ылбыт «Тосхол» Кириэстээх нэһилиэгин ыччатын бырайыага олоххо киирдэ. 10 м уһуннаах, 1,5 м кэтиттээх, икки өттүнэн сахалыы уонна нууччалыы «Я люблю Крестях» диэн суруктаах стелланы оҥотторон, өрүс үрдүгэр, Мииринэйтэн кэлэр суолга уурдулар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА