Орто Халыма улууһун Сиэн Күөл нэһилиэгэр Тупсарыныы сылыгар сүрүннээн тутуу хайысхатыгар ылыстылар. Баар дьиэлэри өрөмүөннээһин, саҥа тутуулары дьэндэтии күүскэ барар.
Улууска ардахтаах сайын буолан, нэһилиэнньэ окко киирэ илик. Онон сөрүүн күннэри баттаһа өрөмүөн, тутуу үлэтэ тигинэччи ыытыллар.
Билигин Сиэн Күөлүгэр 1975 сыллаахха тутуллубут оҕо кэмбинээтигэр капитальнай өрөмүөн ыытыллар, эргэ дьиэ саҥардыллар. Оттон „Ладушка“ оҕо саадыгар тутуу биригээдэтэ дьиэ ис-тас өттүн ититэр матырыйаалынан бүрүйэр, муостатын саҥардар, кырыыһа тутар.
Балыыһаҕа эмиэ өрөмүөн үлэтэ барар, үлэһиттэр муостатыгар буор куталлар. Оскуола дьиэҕэ кыһынын ордук тымныйар кабинеттарга муостатын уларытан, алын өттүн ыраастаан, эбии буор кутуутугар ылсан үлэлии сылдьаллар.
Нэһилиэнньэ өр күүппүт Арчы Дьиэтин тутуута түргэн тэтиминэн ис киирбэхтик оҥоһуллар.
Тутуу матырыйаалын олохтоох дьон Алексей Дьячков, Дмитрий Лаптев, Николай Жирков уо.д.а. миэстэтигэр пилорамаҕа бэлэмнииллэр. Онон үлэ хаамыыта түргэтиир.