М.А. Алексеев аатынан «Туймаада» үөрэнээччилэр норуоттар ардыларынааҕы олимпиадаларын уонна Yakutia International Science кэмпириэнсийэ-куонкурус 200-тэн тахса кыттааччыта ыһыах ыста. Сахалар национальнай бырааһынньыктара бырагыраамаҕа быйыл саҥа киллэрилиннэ, регион салалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Саха норуотун үгэстэрин уонна сиэрин-туомун туһунан олимпиада уонна кэмпириэнсийэ 200-тэн тахса кыттааччыта билистэ. Кинилэр ортолоругар Россия регионнарыттан уонна тас дойдулартан бааллар.
Наука дьоҕус академиятын ректора Василий Павлов эппитинэн, ыһыах — бу үөрэнээччилэр бэйэ-бэйэлэрин кытта чугастык билсэллэригэр, доҕордоһоллоругар көмөлөһөр, ардыгар олимпиада кэмигэр бу олох кыаллыбат. «Айылҕаҕа, сибиэһэй салгыҥҥа кинилэр сынньаналлар, доҕордоһоллор, салгыы бииргэ үлэлээн, араас интэриэһинэй бырайыактар туолууларыгар көмөлөөх буолар», — диэтэ Василий Павлов.
Ыһыах күн бастыҥ экспертэргэ, дьүүллүүр сүбэ чилиэттэригэр, хамыыһыйаҕа олипиаднай хамсааһын сайдыытыгар кылааттарын иһин махтал суруктары туттардылар.