22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Трикинг аан дойду үс төгүллээх рекордсмена Гаврил Данилов дойдутугар Дьааҥыга ыалдьыттыыр

13:01, 05 марта 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Трикинг спордугар үhүс сырыытын аан дойду рекордун олохтообут Гаврил Данилов бу күннэргэ дойдутугар Үөhээ Дьааҥыга ыалдьыттыыр. Эдэр спортсмен Ытык Киhилээх сиригэр Элгэс, Остоолбо нэhилиэктэригэр сылдьар. 


Оройуон дьаhалтатыгар баhылык Гаврил Ильич Чириков «Ганя төрүттэрин, өбүгэлэрин дойдутугар Дьааҥыга ыалдьыттааhына кини чахчы киэҥ толкуйдаах, ыраах, сырдык көрүүлээх ыччат буоларын көрдөрөр. Дьааҥы бар дьоно кэскиллээх ыччаттаахпытынан, трикинг  спордугар ситиhиилэрин истэн, билэн киэн туттабыт. Ганя трикинг спордугар үрдүк көрдөрүүтэ, чөл олоҕу көҕүлээhинэ ыччакка, үүнэр көлүөнэҕэ холобур буолар», — диэн туран, Гаврилга махтал суруктаах сэртэпиккээти туттарда.

Баhылык солбуйааччыта Михаил Игнатьевич Осипов Ганя Дьааҥы сирин Остоолботуттан сыдьааннааҕын уонна кини өбүгэлэрин туhунан сырдатыы оҥордо.

Ганяны Дьааҥы оройуонун спорт школатын дириэктэрэ Виктор Ощепков, спорт комитет салайааччыта Руслан Потапов, култуура салалтата Надежда Саввинова, оройуон социальнай бэлиитикэтин начальнига Татьяна Елистеева арыаллаатылар.

Баатаҕай орто оскуолатын үөрэнээччилэрин, учууталларын кытта көрсуhүүгэ
Ганя Дьокуускайтан доҕорун Ньургун Антоновтыын массыыынанан кыhыҥҥы суолунан айаннаан кэлбитин, Дьааҥы хаардаах хайаларын үрдүк систэринэн хайдах айаннаан кэлбитин, трикиҥҥэ дьарыгын бастаан хайдах саҕалаабытын туhунан кэпсээтэ, ыйытыктарга хоруйдаата, инники былааннарыгар фестиваллары тэрийии уонна салгыы тренер быhыытынан үлэлиир баҕалаа5ын эттэ, трикинг акробатическай элэмиэннэриттэн көрдөрдө.

Оҕолор 22 сааhыгар сылдьар трикиҥҥэ Аан дойду рекордун олохтообут биир дойдулаахтарын кэриэтэ уолу урукку өттүгэр тэлэбиисэринэн, куйаар ситиминэн эрэ истэр, көрөр эбит буоллахтарына, бу күннэргэ Ганяны илэ көрөн, кэпсэтэн улаханнык сэҥээрдилэр, сэргээтилэр.

Эдэр спортсмен Ытык Киhилээх сиригэр Элгэс, Остоолбо нэhилиэктэригэр сылдьар былааннаах. Онон Ганя Ытык сиртэн күүс-сэниэ ыла кэлбит баҕа санаата туолуо.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА