25 Сэтинньи 25.11
  • -23°
  • $ 102,58
  • 107,43

Томпоҕо бэтэрээннэри чиэстээтилэр

11:23, 09 мая 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Хаандыга б. үгэс буолбут ветераннардыын көрсүһүү буолла. «Манчаары» култуура дьиэтигэр сэрии, тыыл уонна үлэ ветераннара, сэрии кыттыылаахтарын огдооболоро уонна сэрии оҕолоро кэллилэр. Улуус уонна бөһүөлэк баһылыктара, тэрилтэлэр салайааччылара кыттыыны ыллылар.


«Мин Саһыл нэһилиэгэр олорбут дьиэм Алдан өрүскэ харыы тахсан икки сыл улаханнык ууга барбыта. Эдэрдэр Хаандыгаҕа сертификатынан таас дьиэлэргэ квартира ылбыттара. Мин кырдьаҕас киһи ылбыт мас дьиэм саахалланар туруктаах, кыһын 50 кыраадыс тымныыга муннуктара хаар буолар. Бэргэһэбин, этэрбэспин кэтэн, хас да хос суорҕанынан саптан утуйабын. Ол үрдүнэн тымныы. Капитальнай да өрөмүөн туһалаабат буолбут дьиэтэ«, — диэн тыыл ветерана Вера Ивановна Кынтоярова санаатын эттэ.

Кырдьаҕастар санааларын аһаҕастык этэн, интэриэһиргиир ыйытыыларыгар эппиэти ыллылар. Сүрүннээн бөһүөлэги тупсарыы тула санаалаахтарын биллэрдилэр. Уулуссалары сырдатар лаампалары элбэтэртэн саҕалаан, салайар хампаанньалар бөҕү хомуйалларыгар тиийэ туруорустулар. Cэрии оҕолоругар анал статуһу биэрэри туруорустулар. Эдэр ыччаты, чуолаан оҕолору бэрээдэккэ уонна чэнчис буоларга, бөһүөлэктэрин харыстыырга болҕомто ууралларыгар эттилэр. Сорохтор дьиэлэрэ-уоттара тымныытын кэпсээтилэр.

Оҕолор аҕа көлүөнэҕэ ырыа, үҥкүү, хоһоон бэлэхтээтилэр. Социальнай приют оҕолоро бэйэлэрин оҥоһуктарын туттардылар. Улуус баһылыга Георгий Герасимов сэрии ветераннарыгар, сэрии кыттыылаахтарын огдооболоругар уонна үбүлүөйдээх ветераҥҥа бэлэх туттарда.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА