22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Томмот куоратыгар бырамыысыланнас мусуойун тутуохтара

11:01, 17 февраля 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибитэ 100 сылыгар — 2022 сылга Алдан улууһун Томмот куоратыгар бырамыысыланнас мусуойун тутан, үлэҕэ киллэриэхтэрэ.


Алдан улууһугар аан бастаан көмүһү сууйааһын 20 үйэ саҕаланыытыгар саҕаламмыт. Ити кэннэ араас сылларга сүлүүдэ, уран, тимир рудата, таас чох, апатиттар, хайа курустаала, атын күндү аҥардаах таастар хостоммуттар.

50-с сылларга суол-иис суоҕа оройуоҥҥа пуочта, төлөппүөн сибээһин сайыннарбыттар. 80-с сылларга тимир суол устуоруйата саҕаланар. 1992 сыллаахха Алдан ыстаансыйатыгар бастакы поезд кэлэр, 1997-ҕэ поезд Томмокко тиийэр.

2000 сыллар саҕаланыыларыгар «Сибиир күүһэ» гаас, «Сибирь — Тихий океан» ниэп бородууктатын ситимнэрэ тутуллаллар.

Мусуой архитектурнай-градостроительнай кэнсиэпсийэтин М.К. Аммосов аатынан ХИФУ инженернай-тэхиниичэскэй институтун үлэһиттэрэ, 3-4 куурус устудьуоннара оҥоруохтара.

Мусуойу бырамыысалыннас тэрилтэлэрэ, Алдан, Томмот куораттарын дьаһалтата кыттыгас тутуохтара.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА