Бүгүн клавиатураҕа бэчээттээһин дойдулар ардыларынааҕы күнэ, диэн бэлиэтиир Бикипиэдьийэ. Бэчээт тиэмэтин таарыйдахха, 1892 сыллаахха Саха сирин бастакы хаһыаттарыттан биирдэстэрэ — «Саха уобалаһын биэдэмэстэрэ» — тахсан саҕалаабыт. Ыйга иккитэ олохтоох типографияҕа бэчээттэнэрэ, нууччалыы тыллааҕа.
Түбэлтэлэр
- 1806 — Африка соҕуруу тумулугар баар стратегическай суолталаах Голландия Кап (Тумул) холуонньатын Улуу Британия былдьаан ылбыт.
- 1851 — Франция физигэ Жан Бернар Леон Фуко Сир бэйэтин киинин тула эргийэрин дакаастаабыт.
- 1892 — Саха сирин бастакы хаһыаттарыттан биирдэстэрэ, «Саха уобалаһын биэдэмэстэрэ«, тахсан саҕалаабыт. 1919 сыл ахсынньы 14 күнүгэр диэри ыйга иккитэ тахсара, олохтоох типографияҕа бэчээттэнэрэ, нууччалыы тыллааҕа.
- 1936 — Ираан арҕааҥылыы санаалаах бэрэсидьиэнэ Реза Шах хиджабы аһаҕастык кэтиини бобор туһунан ыйаах таһаарбыт. Ол эрээри 1979 сыллааҕы Ислаам өрөбөлүүссүйэтин кэннэ Ирааҥҥа хиджаб кэтиитэ булгуччулаах буолбута.
- 1937 — Ленинграакка аан дойдуга бастакы Арктика Түмэлэ арыллыбыт.
- 1964 — АХШ бэрэсидьиэнэ Линдон Б. Джонсон дойдуга «дьадайыыны утары сэриини» биллэрбит. Уон сыл иһигэр дьадаҥы дьон ахсаана 17,3%-тан 11,1%-ҥа диэри намтаабыт.
- 1994 — Арассыыйа космонава Валерий Поляков «Мир» станцияҕа көппүт. Кини космос станциятыгар 1995 сыл кулун тутар 22 күнүгэр диэри сылдьан рекорд олохтообут (космоска 437 күн буолбут).
Төрөөбүттэр
- 1564 — Галилео Галилей — аатырбыт Италия физигэ, математига, астронома уонна бөлүһүөгэ. Үөрэх өрөбөлүүссүйэтигэр сүрүн оруолу оонньообут киhи.
- 1921 — Николай Емельянов (04.03.2000 өлб.) — саха фольклорун биир тутаах чинчийээччитэ, филология билимин дуоктара.
- 1930 — Павел Дмитриев — Бачыым Байбал — рационализатор, Саха АССР үтүөлээх механизатора, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ.
- 1935 — Элвис Пресли — Америка биир биллэр ырыаһыта, музыка суруйааччыта уонна артыыһа. Рок-н-ролл музыкатыгар биир бастакы киэҥник биллэр ырыаһыт.
- 1942 — Стивен Хокинг — Англия физигэ уонна математига. Аан дойду биир бастыҥ түөрүйэ чинчийээччитэ. Анал үөрэҕэ суох дьоҥҥо физиканы быһаарар элбэх ыстатыйалары уонна кинигэлэри суруйбута.
- 1965 — Федор Дьячковскай — саха тылын чинчийээччи, филология билимин хандьыдаата.
- 1984 — Ким Чен Ын — Хотугу Кэриэйэ салайааччыта (2011 сылтан ыла).
Өлбүттэр
- 1961 — Яшар Догу — туурак тустууга, аан дойду, Европа уонна Олимпиада чөмпүйүөнэ. Омугунан убых.
- 1980 — Джон Мокли — АХШ физигэ уонна инженерэ, ENIAC электроннай көмпүүтэр оҥорооччулартан биирдэстэрэ.