1889 сыллаахха АХШ Атланта куоратыгар Coca-Cola хампаанньа регистрацияламмыт.
1933 сыллаахха Саха национальнай байыаннай училищетин (ЯНВШ) 6 курсаана Дьокуускайтан Хабаровскайга дылы хайыһарынан аттаммыттар, ол күн сарсыарда салгын температурата -55 °С турбут.
Бу күн саха учуонайа, биллиилээх историк, этнограф Гавриил Ксенофонтов, учуонай, филология билимин хандьыдаата Гаврил Боескоров, саха тылын учуобунньуктарын ааптара, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, педагог Игнатий Каратаев төрөөбүттэр.
Саха бэлиитигэ, Саха АССР үрдүкү салалтатыгар үлэлээбит Иван Винокуров күн сириттэн күрэммит.
Тохсунньу 15 диэн Григориан халандаарыгар сыл 15-с күнэ. Сыл бүтүө 350 күн (ордук хонуктаах сылга 351 күн) баар.
Бэлиэ күннэр:
- Бикипиэдьийэ төрүттэммит күнэ (2001)
- Арассыыйа — Силиэстийэлиир кэмитиэт тэриллибит күнэ (2011)
- Ииндийэ — Аармыйа күнэ
- Хотугу Кэриэйэ — Кэриэй алпаабытын күнэ
- Индонезия — Далайга дьуһуурустуба күнэ.
Түбэлтэлэр:
- 1759 — Лондоҥҥа аатырбыт баай коллекциялаах Британия түмэлэ аһыллыбыт.
- 1889 — АХШ Атланта куоратыгар Coca-Cola хампаанньа регистрацияламмыт, ол саҕанааҕы аата Пембертон мэдиссиинэ хампаанньата диэн эбит.
- 1933 — Саха национальнай байыаннай училищетин (ЯНВШ) 6 курсаана Дьокуускайтан Хабаровскайга дылы хайыһарынан аттаммыттар, ол күн сарсыарда салгын температурата -55 °С турбут. Айан кистэлэҥ эбит. Хайыһардьыттар хотугу кыраайга саллаат таҥаһа-саба тымныыны төһө тулуйар кыахтааҕын, ытар сэп-сэбиргэл тымныыга хайдах үлэлиирин, уустук айаҥҥа күннээҕи аһылык нуормата төһө буоларын уонна хайыһары, сааны-саадаҕы табыгастаахтык хайдах туттуохха сөбүн билээри айаннаабыттар. Хабаровскайга диэри 58 күн устата күҥҥэ ортотунан 45—59 км баран, кулун тутар 15 күнүгэр этэҥҥэ фиништээбиттэр. Уһук Илиннээҕи аармыйа командующайа Василий Блюхер бу бохуот ситиһиилээхтик түмүктэммитин кэннэ хас биирдиилэригэр Махтал сурук туттарбыта уонна бинтиэпкэ бэлэхтээбитэ.
- 1943 — АХШ-ка Пентагон диэн ааттаммыт Оборона министиэристибэтин штаб-квартирата аһыллыбыт.
Төрөөбүттэр:
- 1873 — Иван Бабушкин — нуучча идэтийбит өрөбөлүссүйүнүөрэ, Саха сиригэр Дьааҥыга көскө ыытыллыбыта. 1973 сыллаахха Дьокуускайга Иван Бабушкин аатынан уулусса ааттаммыта.
- 1888 — Гавриил Ксенофонтов — саха учуонайа, биллиилээх историк, этнограф, политическай, общественнай диэйэтэл. Кини «Эллэйаада» диэн ааттаан таһаарбыт саха үһүйээннэрин хомуурунньуга саха библиятын быһыытынан билиниллэр.
- 1909 — Иосиф Туманов (дьиҥнээх араспаанньата — Туманишви́ли) — сэбиэскэй артыыс, тыйаатыр уонна маассабай туруоруу биллиилээх режиссера, уһуйааччы, ССРС народнай артыыһа (1964).
- 1915 — Гаврил Боескоров (06.06.1983 өлб.) — Кыыл Уолун, Ньукулай Ностуруруойап, Амма Аччыгыйын, Бүөтүр Тобуруокап айар үлэлэрин чинчийбит учуонай, филология билимин хандьыдаата.
- 1915 — Павел Лухнев — Дьокуускайтан ыҥырыллыбыт Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Албан аат уордьанын толору кавалера.
- 1923 — Игнатий Каратаев — саха тылын учуобунньуктарын ааптара, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, педагогика билимин хандьыдаата, С. Новгородов аатынан бириэмийэ лауреата, Бүлүү улууһун ытык киһитэ.
Өлбүттэр:
- 1935 — Иван Винокуров — саха бэлиитикэ диэйэтэлэ, Өрөбөлүүссүйэ буоларыгар Казань университетын устудьуона, 1923 сыллаахтан олохтон туоруор диэри Саха АССР үрдүкү салалтатыгар үлэлээбитэ.