15 Тохсунньу 15.01
  • -42°
  • $ 103,44
  • 106,25

Тохсунньу 10 күнэ. Амакы эспэдииссийэтэ - Бикипиэдьийэ

09:02, 10 января 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бикипиэдьийэ бэлиэтииринэн, тохсунньу 10 күнүгэр 1950 сыллаахха ССРС геология миниистирин бирикээһинэн Саха сиригэр алмаас көрдүүр сыаллаах Амакы эспэдииссийэтэ тэриллибит. Эспэдииссийэ маҥнай Иркутскайга кииннэммит, 1953 сыллаахха Ньурбаҕа көспүт. Билигин Амакы эспэдииссийэтин сүрүн баартыйалара Айхалга уонна Удачнайга бааллар. Бүгүҥҥү күн халандаарын атын интэриэһинэй чахчыларын салгыы ааҕыҥ. 


Бэлиэ күннэр

Түбэлтэлэр

  • Б.Э.И. 49 — Юлий Цезарь легионнарын кытары Рубикон үрэҕин туораабыт, Рим импиэрийэтигэр гражданскай сэрии саҕаламмыт. Сэрии түмүгэр Цезарь диктатор буолбута.
  • 1696 — Сибиирдээҕи бирикээс Саха уеһын уонна куоратын чертежтарын оҥорорго ыйаах таһаарбыт.
  • 1863 — Лондоҥҥа аан дойдуга бастакы метрополитен бастакы лиинийэтэ аһыллыбыт.
  • 1870 — Америкаҕа Джон Д. Рокфеллер Standard Oil диэн ньиэп хостуур хампаанньаны тэрийбит. Бу хампаанньа биир кэмҥэ ньиэп хостооһунугар аан дойдуга монополист буола сылдьыбыта. Кини арахсыытыгар үөскээбит хампаанньалар ExxonMobil, Chevron, ConocoPhillips уо.д.а. билигин да аан дойдуга саамай улахан ньиэп хостуур тэрилтэлэр ахсааннарыгар киирэллэр.
  • 1901 — АХШ Техас штаатыгар Спиндлтоп диэн улахан ньиэптээх сир көстүбүт. Техаска ньиэп түрүлгэнэ саҕаламмыт.
  • 1922 — Үрүҥ этэрээттэр Амма солобуодатын төгүрүктээбиттэр. Амма гарнизонугар 382 киһи баара, хамандыырдара — венгр Карл Котрус. Осада 4 ый устата буолбут.
  • 1923 — Үрүҥнэр өттүлэриттэн 250-ча киһилээх, кыһыллар өттүлэриттэн 67 киһилээх Төҥүлүтээҕи кыргыһыы буолбут. Үрүҥнэр Мэҥэ улууһун киинин Төҥүлүнү ылаары саба түспүттэр даҕаны, үс чаас кэриҥэ ытыалаһыы кэнниттэн, чугуйбуттар.
  • 1945 — Туурак тылыгар алтынньы, сэтинньи, ахсынньы уонна тохсунньу ыйдар ааттара уларытыллыбыттар.
  • 1946 — ХНТ Генеральнай Ассамблейатын бастакы мунньаҕа Лондон куоракка буолбут, онно 51 судаарыстыба кыттыбыт.
  • 1950 — ССРС геология миниистирин бирикээһинэн Саха сиригэр алмаас көрдүүр сыаллаах Амакы эспэдииссийэтэ тэриллибитэ. Эспэдииссийэ маҥнай Иркутскайга кииннэммитэ, 1953 сыллаахха Ньурбаҕа көспүтэ. Билигин Амакы эспэдииссийэтин сүрүн баартыйалара Айхалга уонна Удачнайга бааллар.
  • 1970 — Дьокуускайга аан дойдуга бастакы ирбэт тоҥҥо тутуллубут ГРЭС үлэҕэ киирбит.
  • 2001 — Бикипиэдьийэ бастаан тахсыыта («Нупедия» бырайыак иһинэн). 5 хонугунан туспа ситим-сир (саайт) буолбут.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА