22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Тиксиигэ табалары ИДьМ үлэһитэ уонна байыаннай сулууспалаах ытыалаабыттар

18:21, 28 апреля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Тиксиигэ сүүрүк табалары ытыалаабыттарын туһунан сурах өрөспүүбүлүкэни тилийэ көппүтэ. СИА-ҕа силиэстийэттэн чугас дьон эппиттэринэн, табалары ытыалааһыҥҥа ИДьМ олохтоох үлэһитэ уонна байыаннай сулууспалаах уорбаланаллар.


«Икки доҕордуулар бултуу барбыттар. Кинилэр дьиэ табаларын дьиикэйи кытта буккуйбуттар, ол иһин ытыалаабыттар. Барыллааһын иһитиннэриинэн бу дьон итирик буолбатахтар эбит. Билигин кинилэр буруйга билиниини суруйаллар уонна хаһаайыҥҥа ороскуоту толору толуйуохтара. Кинилэргэ ылыллар миэрэ туһунан тохтуу түһэн баран билиһиннэриэхпит», — диэтилэр СИА-ҕа.

«ИДьМ бэрэстэбиитэлэ – дьуһуурунай чаас үлэһитэ, атына – 445 №-дээх байыаннай чаас сулууспалааҕа. ИДьМ быһылааҥҥа кинилэр үлэһиттэрэ суоҕун курдук эппиттэрэ уонна бүтэһигэр тиийэ ону туруулаһа туруохтара. Буруйу оҥорбуттар эппиэтэ суох хаалбаттарыгар быһылаан туһунан киэҥник биллэриэххэ, иһитиннэриэххэ наада», — диир Тиксии олохтооҕо.

Ый саҥата «Булуннааҕы» МУП бас билиитигэр баар 30 табаны бөһүөлэктэн 20 км.тэйиччи сиргэ ытыалаабыттара. 19 таба тута өлбүт, 11 — бааһырбыт. Силиэстийэ кэнниттэн ИДьМ миниистирэ Владимир Прокопенко ытыалаабыт дьон кинилэр биэдэмистибэлэригэр киирбэттэрин бэлиэтиир.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА