22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Тиксиигэ Кыайыы бырааһынньыга бэтэрээн эбээлэри муста

10:24, 09 мая 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Булуҥ улууһун Тиксии бөһүөлэгэр киин библиотекаҕа сэрии кэминээ­ҕи оҕоло­р му­стан, ирэ-хоро кэпсэттилэр, ааспыты ахтан аастылар.


Бырааһынньыгы инбэлииттэр уопсас­тыбала­рын бэрэссэдээтэлэ Надежда Апро­симова уонна ааҕар саала үлэһиттэрэ тэ­рийдилэр. Тэрээһини Ву­та­лина Стручкова иилээн-саҕалаан ыытта.

2016 сыл дойдуга Киинэ сыла биллэ­риллибитинэн, күөх экраҥҥа киинэ буолан тахсыбыт кинигэлэр долбуурдарын бэлэмнэниллибит. Ону эбээлэр олус кэрэхсээн көрдүлэр. Сэрии кэмнэрин көрдөрөр киинэлэргэ нууччалыы, сахалыы ылламмыт байыаннай ырыалар тустарынан викторина уонна байыаннай ис хоһоонноох өс хоһооннору салҕаан биэрии куонкуруһа ыытылынна.

«Ырыа ыллаан, истиҥник кэпсэтэн, олус сэргэхсийдибит. Куруук маннык ыҥыран түмэллэрэ олус үчүгэй. Арай сылын аайы ахсааммыт аҕыйаан иһэр…«, — диэн эбээлэр санааларын эттилэр.

Кырдьаҕастарга бэйэ илиинэн оҥоһуллубут сибэккини бэлэх ууннулар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА