Дьокуускайдааҕы коммунальнай-тутуу техникумугар туһалаах көрсүһүү буолла. СӨ профессиональнай үөрэхтээһин, кадры бэлэмнээһин уонна аттаран туруоруу министерствотыттан, «Дьокуускай куорат нэһилиэнньэтин үлэнэн хааччыйыы киинэ» ГКТ бэрэстэбиитэллэр техникум устудьуоннарыгар үлэҕэ киирэргэ тугу билиэхтээхтэрин кэпсээтилэр.
Техникум ыстаарсай маастара Татьяна Беркутова иһитиннэрбитинэн, кэлбит исписэлиистэр дуогабара суох үлэҕэ киирии сэрэхтээҕин, үлэ киниискэтэ хайаан да толоруллуохтааҕын туһунан кэпсээбиттэр, итиэннэ ыччаттар биэрбит араас ыйытыыларыгар быһаарыылары оҥорбуттар.
«Былырыын үс бөлөҕү 57 оҕо бүтэрбитэ, бары үлэнэн хааччыллыбыттара. Быйыл 87 выпускниктаахпыт. Кинилэр идэлэринэн үлэ булалларыгар көмөлөһөр, өйөбүл буолар сыаллаах-соруктаах маннык көрсүһүүлэри тэрийэбит. Бүгүҥҥү чахчынан «Эрдэм», «Тускул», «Сэттэ», «Адгезия», «Северный дом», «Тепломонтажсервис» ХЭУо, «Теплоэнергия» МУТ, «Сахатранснефтегаз», «ДСК», «Проект» ААУо, «Прометей» УК, о.д.а. тэрилтэлэргэ биһиги техникуммутун бүтэрбит оҕолор таһаарыылаахтык үлэлии сылдьаллар»,- диир Татьяна Игоревна.