23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

"Бүлүү" федеральнай суолга массыына тайаҕы түҥнэри көттө

17:04, 25 января 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ааспыт өрөбүл күн «Бүлүү» федеральнай суол 209 километрыгар массыына тайаҕы түҥнэри көттө. Массыына ол сааллыыга иннин тоҕо астарда.

Мин бу быһылаан туһунан улуустааҕы булт инспециятын госинспекторыттан Аркадий Михайловтан ыйыталаспыппар, маннык быһаарда:

— Быһылаан туһунан биһиэхэ тута биллэрбиттэрэ. Госавтоинспекция үлэһиттэрин кытта баран миэстэтигэр көрбүппүт. Түҥнэри көппүт массыына баара, улаханнык иннин алдьаппыт этэ. Онон итиннэ ханнык да соруйан түҥнэри көтүү суоҕа биллэр. Кыһыл Сыыр массыыната этэ, өссө бэйэбитин мөҕүөх курдуктара, тайахтарбытын көрбөккө суолга биһиги таһааран биэрэрбитигэр дылы. Өлбүт тайаҕы быраабыла, ирдэбил быһыытынан акт суруйан баран, умаппыппыт. Эттээн эҥин ханнык да аска туһаныллыбат, кимиэхэ да бэриллибэт.

Аркадий Петрович этэринэн, 2014 сыллаахха эмиэ бу диэки өссө биир тайаҕы массыына түҥнэри көппүтэ. Онон итинэн тайахтар элбэхтик ааһар сирдэрэ буолуон сөп. Кэлэр өттүгэр суол улахан быһылаана тахсыбатын туһугар, айанньыттары сэрэтэр, түргэннэрин намтатар «Сэрэниҥ, тайахтар» диэн бэлиэ туруоруллуон наада эбит. Оннук бэлиэ омук сиригэр элбэх буолааччы.

Суоппардар аварияҕа түбэспэт, дьону эчэппэт, кыылы-сүөлү харыстыыр туһугар, хаһан баҕарар суолга сэрэхтээх буоларгытын, наһаа түргэнник айаннаабаккыт наадатын бу тайах быһылааннаах түбэлтэ көрдөрөр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА