Саха сэбиэскэй литературатын төрүттэспит суруйааччы, Саха судаарыстыбаннаһын тэрийсибит, XX үйэ саҥатыгар олох-дьаһах тосту уларыйыытын уһансыбыт уһулуччулаах политическэй диэйэтэл, лингвист-учуонай Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сылын көрсө Таатта улууһун Октябрьскай нэһилиэгэр ураты истиҥ, долгутуулаах күн буолла. Улуу Ойуунускай дойдулаахтара саҥа тахсыбыт «Платон Алексеевич Слепцов — Ойунский: жизнь и деятельность» диэн кинигэ хомуурунньугун уонна «Алтан Хотун» мааны мал биһирэмнэригэр кыттыстылар. Тэрээһин туһунан СИА Дьокуускайга Ойуунускай аатынан литературнай музей наукаҕа үлэһитэ Ньургуйаана Халгаева сэһэргээтэ.
«Улуу убайбыт Былатыан Ойуунускай олоҕун уонна айар үлэтин сырдатар кинигэ хомуурунньук СӨ НА докумуоннарыгар олоҕуран оҥоһуллубут. Үрдүк эппиэтинэстээх үлэни СӨ Национальнай архыыбын үлэһиттэрэ Наталья Степанова (сүрүннээччи), Елизавета Саввина – национальнай архыып отделын кылаабынай архивиһа, Эдуард Яковлев — докумуону туһанар отдел кылаабынай архивиһа, Наталья Баишева — информационнай хааччыйыы отделын начаалынньыгын солбуйааччы, Клавдия Николаева — докумуону харайар уонна учуоттуур отдел начаалынньыгын солбуйааччы, Туйаара Яковлева — ведомственнай архыып уонна хаачыйыы отделын начаалынньыга, Валентина Ефимова — информационнай хааччыйыы отделын кылаабынай архивиһа толорбуттар. Редколлегияҕа СӨ национальнай архыыбын директора, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Государственнай Гражданскай сулууспа туйгуна Николай Константинов, Ойуунускай общественнай, политическай олоҕун архыып матырыйаалларыгар олоҕуран дириҥник үөрэппит Юрий Попов киирбиттэр. Аан тылы Наталья Степанова суруйбут.
Ыраахтан-чугастан мустубут ыалдьыттарга Таатта улууһун киин библиотека кинигэ ис хоһоонунан бэлэмнээбит хаартыскалара, слайд көрдөрүлүннүлэр. Салгыы хомуурунньук туһунан кэпсэттилэр, түһүмэхтэринэн билиһиннэрдилэр. Сүҥкэннээх үлэни толорорго, архыыпка түмүллэ сытар 300 докумуон үөрэтиллибит. Онтон 231 докумуон хомуурунньукка киирбит, олор историческай докумуоннары таһаарыы быраабылатыгар олоҕурбуттар.
Санаа үллэстиитигэр ыалдьыттар сыаналаах дьоһун кинигэ тахсыбытын, архыыпка хараллан сыппыт докумуоннар толорутук киллэриллибиттэрэ болҕомтону тардарын, сэргэхситэрин бэлиэтээтилэр. Сонун сүүрээннээх хомуурунньук ааҕааччыга Ойуунускай биллибэт өрүттэрин арыйарыгар, үлэтэ чинчийээччилэргэ көмөлөөх буоларыгар эрэннилэр. Сорохтор научнай быһаарыылары элбэтэн биэрбит буоллар диэн ыйдылар», — диир Ньургуйаана Викторовна.
Тэрээһин Былатыан Ойуунускай аатынан СӨ государственноһын историятын музейыгар ыытыллыбыт. Дьоһун кинигэ «Бичик» кинигэ кыһатыгар 1000 экземплярынан бэчээттэммит. Түһүлгэҕэ СӨ Национальнай архыыбын үлэһиттэрэ, учуонайдар, суруйааччылар: Урсун, Тумат, Куорсуннаах, Гаврил Андросов, Ойуунускай аймахтара, нэһилиэктэр баһылыктара, Чөркөөх олохтоохторо, оскуола үөрэнээччилэрэ, учууталлар, кыраайы үөрэтээччилэр, Нам улууһуттан культура управлениетын, Хатырыктан Максим Аммосов аатынан музейын, Үөһээ Бүлүүттэн Исидор Барахов аатын сүгэр музей үлэһиттэрэ, Чурапчы улууһун делегацията мустан ирэ-хоро сэһэргэспиттэр.
Маны сэргэ, Ньургуйаана Викторовна Намнааҕы педагогическай колледж преподавателэ Дария Платонова Былатыан Ойуунускай ийэтин мааны мала «Алтан Хотун» (Бастыҥа. Булумньу — Ойуунускай ийэтэ бэлэхтээбит күндү бэлэҕэ – «Саха сирэ» хаһыат 18.02.2016 с.) туһунан сырдаппытын аҕынна. Мааны мал 2015 сыллаахха Туймаада хочотун кэрэ-бэлиэ сиригэр турар Ново-Никольскай таҥара дьиэтин таһыттан, тутуу ыытылла турар сириттэн көстүбүт. Сэдэх булумньуну Саха сирэ чэлгийэ сайдарыгар көһүннэ диэн билгэлээбиттэр.