Дьон тоҕуоруһар, элбэх киһи мустар сиригэр төлөпүөнү көстөр сиргэ уурар сороҕор ночооттоох. Дьокуускайга итинник түбэлтэ таҕыста.
Киин куорат полициятын 3 №-дээх отделын дьуһуурунай чааһыгар биир дьахтар сайабылыанньа киллэрбит. Онно 70 500 солк. сыаналаах суотабай төлөпүөнүн уорбуттарын туһунан суруйбут.
Полиция оперативниктара бу уорууну «сылааһына» арыйбыттар — Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх 26 саастаах кыыс ылбыт эбит.
Барыллаан быһаарыынан, бу кыыс маҕаһыыҥҥа киирбит уонна прилавокка смартфон сытарын көрбүт. Атыылааччы атын атыылаһааччыларга аралдьыйбыт кэмигэр төлөпүөнү сойботон, тахсар аан диэки дьулуруйбут.
Уоруллубут төлөпүөнү хаһаайкатыгар төннөрбүттэр. Бу чахчынан «уоруу» ыстатыйанан холуобунай дьыала тэриллибит.
Бу туһунан СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Итиниэхэ маарынныыр түбэлтэни сайтпытыгар бу дьыл тохсунньу 23 күнүгэр «Таба тириитин оннугар хаайыы» диэн иһитиннэриигэ суруйан турабыт. Онно Кэбээйи улууһуттан төрүттээх, урут сууттана сылдьыбыт 31 саастаах киһи таба тириилэрин атыылаары, маҕаһыын бөҕөтүн кэрийэн баран, ким да ылбатаҕын иһин, массыына саппаас чаастарын атыылыыр маҕаһыыҥҥа атыылааччы аралдьыйбыт кэмигэр прилавокка сытар суотабай төлөпүөнүн ылан тахсыбыта. Уорбаланааччы тутуллубута, дьыала тэриллибитэ.