«Бастыҥ муниципальнай практика – 2025» Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурус кыайыылаах муниципальнай тэриллиилэригэр бириэмийэлэр федеральнай бүддьүөттэн РФ субъектарын бүддьүөттэригэр, РФ «Федеративнай сыһыаннаһыыны сайыннарыы уонна эрэгийиэннээҕи уонна муниципальнай үптэри дьиҥнээхтик уонна эппиэтинэстээхтик салайыыга усулуобуйалары тэрийии» диэн судаарыстыбаннай бырагырааматын «РФ субъектарын уонна муниципальнай тэриллиилэри РФ субъектарын толоруулаах былаас уорганнарын үлэтин үтүөтүн уонна олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын үлэтин сыаналааһын түмүгүнэн көҕүлээһин» диэн тэрээһиннэри олоххо киллэрии чэрчитинэн бэриллэллэр.
Төҥүлү нэһилиэгэ куонкуруска «Дэгэт Аартыга» искибиэри оҥоруу бырайыагынан кыттыбыта. Бастаан бу бырайыак Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар сэриилэспит уонна үлэлээбит саллааттарга, үлэһиттэргэ анаммыта, ол гынан баран, бырайыак кэҥэтиллэн, Төҥүлү толору устуоруйатын көрдөрөр, суруйда Саха сирэ саайт.
«Дэгэт Аартыга» искибиэргэ бетонтан оҥоһуллубут скульптуралар, норуот маастардарын, тимиринэн уустар, маһынан маастардар айымньылара кэккэлээбиттэр».





