Бэҕэһээ промышленнай объектарынан экспедициялыы сылдьар ыччат хамаандата Ленскэй куораты гааһынан хааччыйар «Отраднинскайдааҕы» гаас баайдаах сир объектарын үлэтин билистилэр.
Тэрилтэ гааһы уонна ньиэби хостооһуҥҥа оператора Василий Аргунов объект улэтин кэпсээтэ. «Бу обьегы «Сахатранснефтегаз» ААУо аччыгый тэрилтэтэ «Ленск-газ» көрөр-истэр. Хостонуллубут гааһы куурдан баран, айанныырга бэлэмнээн Ленскэй куорат дьиэлэригэр тиийэрин хааччыйабыт», — диэтэ кини уонна оҕолорго ол процеһы көрдөрдө.
«Отраднинскайдааҕы» гаас баайдаах сир Ленскэйтэн 65 км сиргэ сытар. Геологтар чинчийбиттэринэн манна 90 млрд. куб. м. гаас саппааһа баар, ол эбэтэр Ленскэй оройуонун өссө 50-тан тахса сыл хааччыйар кыахтааҕын билллибит«, — диэн кэпсиир суруналыыс Александр Тарасов.
Оҕолор бүгүн Ленскэйтэн бөртөлүөтүнэн Таалакааннааҕы ньиэп баайдаах сиргэ көттүлэр.