Саҥа сыл биир ыйын, бэлиэр, эмтэриттибит эрээри, сүөһүбүт-сылгыбыт ахсаана чопчулана-чуолкайдана сылдьар, сүнньүн эрэ булуох курдук буолла. Саха сиригэр дьиэ кыылын-сүөлүн 7 көрүҥҥэ арааран ааҕалларыттан, бу дьыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, ааспыт сыл туһааннаах кэмин көрдөрүүтүн табаны иитии салаата эрэ ситистэ, өссө кыратык куоһарда (101,8%).
Сүрүн салаа – ынах сүөһүнү иитии судаарыстыба өйөбүлүн саҥа төһүүтэ олохтоммут бастакы сылларыгар тулуктаһан баран, ааспыт сылга биллэрдик туллаҥнаата. Сүөһү бүттүүн ахсаана 158 911 төбө ордунна (2023 сыл тохсунньу 1 күнүгэр 170 400 баарыттан, ол эбэтэр 93,3 бырыһыана чөл), ити иһигэр ынах эмиэ көҕүрээтэ: 71 627 оннугар 67 428 (94,1%). Төбөҕө таһаардахха, өрөспүүбүлүкэ 11 489 ынах сүөһүнэн, ол иһигэр 4 199 ынаҕынан, тутайда. Ити сыыппара Ньурба улууһа сүөһүтүн имири эспитигэр холоонноох, оттон ынах ахсаана билигин Хаҥалас улууһугар баарын саҕа (сыл иһигэр төһө кээмэйдээх хоромньу таһаарыллыбытын көрдөрөөрү тэҥнээтим, маннык тэтиминэн “айаннаатахха”, ытыс сотторбут даҕаны соторулуох бадахтаах).
Ынах сүөһү бүттүүн ахсааныттан улахан аҥаарын – 59,47 бырыһыанын, ол иһигэр ынах 57,06 бырыһыанын кэтэх хаһаайыстыбалаах биирдиилээн ыаллар бас билэллэр. Тустааҕынан тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэригэр (ТХПК-гэр, ХЭУо-ларга) –13,76 уонна 15,64; урбаанньыт-бааһынай хаһаайыстыбаларга – 26,69 уонна 27,23; тэрилтэлэр көмөлтө (подсобнай) хаһаайыстыбаларыгар – 0,08 уонна 0,08 бырыһыанныыта тиксэр.
Сарбыйыы өттүгэр көмөлтө хаһаайыстыбалар “бастаатылар”: бүттүүн ахсааҥҥа улаханнык сабыдыаллаабаталлар даҕаны, 166 төбө сүөһүлээхтэриттэн 132-тин хаалларбыттар (79,5%). Урбаанньыт-бааһынайдар 48 743 сүөһүлэриттэн 42 420-ни (о.и. 21 288 ынахтарыттан 18 359-һу), ыаллар 99 402 төбөлөрүттэн 94 500-һү(о.и. 39 552 ынахтарыттан 38 474-дү) хаалларбыттар. “Элбэхтэн элбэх охторугар” дылы, төбөнөн аахтахха, урбаанньыт-бааһынайдар 6 323 сүөһүнү (о.и. 2 929 ынаҕы) – 87% (86,2%), кэтэхтэр 4 902 сүөһүнү (о.и. 1 078 ынаҕы) – 95,1% (97,3%) сарбыйбыттар. Үүт туттаран харчылаһар ТХПК-тэрэ уонна ХЭУо-лар 22 089 сүөһүлэриттэн (о.и. 10 735 ынахтарыттан) 230 (191) төбөлүү энчирээбит.
Онон, арыый даҕаны туруктаахтара тэриллиилээх улахан хаһаайыстыбалар сүөһүлэрин (99%) уонна ынахтарын (98,2%) көҕүрэппиттэрин үрдүнэн ынах сүөһү хаһаайыннааһын киэптэринэн тутулугар ылар өлүүлэрэ улааппыт (2023 сыл саҥатыгар 12,96% эбит буоллаҕына, саҥа сылга үктэнэр сахха 13,76%-ҥа таҕыста). Бааһынай хаһаайыстыбалаахтар лаппа сарбыйбыттарын түмүгэр 28,61 бырыһыантан 26,9-ка түстүлэр. Кинилэр суоттарыгар (бааһынайтан аккаастанан, кэтэххэ төннүбүт элбэх) ыаллар кэтэх хаһаайыстыбаларын ылар өлүүтэ 58,33 бырыһыантан 59,47-ҕэ өрө таҕыста.
Аны улуустарынан ылан көрөбүт. Туох кистэлэ кэлиэй, элбэх сүөһүлээхтэр дьүккү бары сарбыйдылар. Арай, улахан тыа хаһаайыстыбалаах улуустарга тэҥнэспэтэр даҕаны, үүт ыамыгар идэтийэр бөдөҥ хаһаайыстыбалаах Ленскэй сүөһүтүн ахсаанын 7,5 %-нан (1 527 оннугар 1 642) эбэри ситистэ. Саха сүөһүлээх Эбээн Бытантай 733-кэ тириэртэ (719 баара). “Сатай” куораттааҕы уокурук 105 (55-тэн), Нерюнгри 310 (269-тан) ынах сүөһүлэннилэр. Көмүстээх Алдаҥҥа 692 сүөһүлэрин 4 төбөнөн эптилэр. Ити кэмҥэ саамай аҕыйах сүөһүлээх Өлөөҥҥө 31 (72 баарыттан), Усуйаанаҕа 49 (62-тэн), Эдьигээҥҥэ 49 (65-тэн), Булуҥҥа 15 (19-тан), Абыйга 414 (479-тан) төбөлөөх хааллылар.
Улахаттар ортолоругар Таатта улууһа туора муостааҕын лаппа көҕүрэттэ: былырыыҥҥы отчуокка 14 459 сүөһүлээх эбит буоллаҕына, быйылгыга – 12 185 төбө (84,3%). Ити иһигэр ынаҕын 6 036-тан 5 353-кэ диэри аҕыйатта (88,7%). Онон, сүөһүтүн бүттүүн ахсаанынан даҕаны, ынаҕын төбөтүнэн даҕаны ыллахха, бу улуус саамай элбэх сүөһүгэ (-2 274 төбө), о.и. ынахха (-683 төбө) “сүгэлэннэ” итиэннэ кэлиҥҥи сылларга үһүс миэстэҕэ бигэтик сылдьыбыт буоллаҕына, Сунтаар (13 384 сүөһүлээх, о.и. ынаҕа – 5 543), Уус Алдан (12 630, о.и. ынаҕа – 5 294) улуустарын кэннилэриттэн бэһискэ үтүрүлүннэ.
Сүөһү (ынах) ахсаанынан бастакы-иккис миэстэлээх Мэҥэ Хаҥалас уонна Чурапчы, Тааттаттан уратыларга тэҥнээтэххэ, элбэхтии төбөнү “төкүнүттүлэр”: туһааннааҕынан 1 141 сүөһү (о.и. 339 ынах) уонна 1 382 сүөһү (о.и. 389 ынах). Амма улууһа кинилэртэн аҕыйах сүөһүлээх эрээри, бүттүүн төбөтүн 12 362-тэн 11 138-ка (көҕүрээһинэ – 1 224) уонна ынаҕын 5 134-тэн 4 648-ка (486) диэри сарбыйда. Тоҕо туохтан маннык буолбутун түмүккэ өссө төгүл эргиллэн илдьиритиһиэхпит.
Сахалар сылгы куттаахпытынан киэн туттабыт. Былырыыҥҥа диэри, чуолаан, төбөтүгэр көмө харчы көрүллэр тэриллиилээх хаһаайыстыбалар биэлэрин ахсаана эбиллэрин суотугар бу салаа көрдөрүүтэ ынах сүөһү киэнинээҕэр лаппа ордук этэ. Эрдэ барыллааһын түмүккэ (2023 сыл ахсынньы саҥатыгар оҥоһуллубут сибидиэнньэҕэ) 183 984 сылгы баарын туһунан отчуот түмүллүбүтүгэр көннөрүү киирэн, аны 178 382 диэн сыыппара ойууланна. Ол аата 2022 сыл түмүгүнэн 181 052 баара отчуоттаммытыгар тэҥнээтэххэ, 1,5 бырыһыанынан (98,5) итэҕэс буолан таҕыста.
Хаһаайыннааһын киэбинэн көрдөххө, сылгыларын бааһынай хаһаайыстыбалар уонна урбаанньыттар эрэ эптилэр: 75 232 төбөттөн 76 013-кэ өрө таһааран, 101 бырыһыаны ситистилэр уонна сылгы бүттүүн ахсааныттан 42,61 %-ын (41,55% этэ) бас билэр буоллулар. Кэтэхтэр 70 694 сылгылаах эбит буоллахтарына, саҥа сылга 68 074 төбөлөөх үктэннилэр. Онон, сылгы баайдарын 3,7 %-нан сарбыйан, бүттүүн ахсаантан ылар өлүүлэрэ 39,05 %-тан 38,16 %-ҥа диэри түстэ. Оннооҕор тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ (кэпэрэтииптэр) көҕүрэттилэр: 33 843 сылгылаахтар (былырыын тохсунньу 1 күнүгэр 34 415 баарыттан), онон бүттүүн орто көрдөрүүгэ тиийбэтилэр (98,3%). Тэрилтэлэр көмөлтө хаһаайыстыбалара 711 сылгылаахтарыттан 452-кэ диэри аҕыйаттылар (63,6%). Онон, сылгыны үөрдээн иитиигэ кэпэрээссийэ өссө кэҥиэхтээҕин оннугар бааһынайдааһын баһыйбыта көстөр.
Элбэх сылгылаах улуустартан Таатта көрдөрүүтэ (төбөнөн аахтахха) ордук мөлтөх: 94 %-наах, ол эбэтэр ааспыт сыл саҥатыгар 14 372 сылгылаах эбит буоллаҕына, билигин – 13 505 төбөлөөх (867 көҕүрээбит). Өлүөхүмэ 6 453-тэн 5 945-кэ (92,1%), Кэбээйи 3 198-тан 3 002-гэ (93,9%), Уус Алдан 12 508-тан 11 968-ка (95,7%), Үөһээ Бүлүү 8 460-тан 8 105-кэ (95,8%), Чурапчы 17 177-тэн 16 663-кэ (97%), Мэҥэ Хаҥалас 15 613-тэн 15 353-кэ (98,3%) түспүттэр.
Ити кэмҥэ Хаҥалас улууһа 14 590-тан 14 836-ҕа (101,7%), Сунтаар 12 323-тэн 12 381-гэ (100,5%), Нам 11 716-тан 11 836-ҕа (101%), Бүлүү 7 389-тан 7 396-ҕа (100,1%), Куорунай 4 737-тэн 5 031-гэ (106,2%), Өймөкөөн 3 839-тан 3 846-ҕа (100,2%), Дьокуускай 3 707-тэн 3 748-ка (101,1%), Орто Халыма 2 806-тан 2 818-ка (100,4%) өрө таһаардылар. Аҕыйах сылгылаах улуустарга Абый (1 324 сылгы – 115,3%), Ленскэй (1 432 – 100,8%), Алдан (582 – 101%), Усуйаана (494 – 107,9%),Үөһээ Халыма (240 – 112,7%), Аллараа Халыма (104 – 157,6%) эптилэр, оттон Аллайыаха (66) уонна Анаабыр (54) ааспыттааҕыларын оннунан тутан хааллылар.
Эрдэ түмүллүбүт барыллааһын түмүккэ таба ахсаана 165 820 төбө диэн ааҕыллыбыт буоллаҕына, 171 591 баара чопчуланна. Онон 2022 сыллааҕы түмүккэ (168 520 баара) тэҥнээтэххэ, 101,8 бырыһыаҥҥа тахсан, атын салаалартан уһулуччу көрдөрүүлэннэ. Дьиэ табатын 95,24 бырыһыана (163 425 төбө) тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэригэр иитиллэр. Улахан хаһаайыстыбалар табаларын ахсаанын 2% эптилэр. Урбаанньыт-бааһынайдар бас билиилэригэр 6 114 табалаахтар, ааспыттааҕы таһымнарыгар 4,4 %-нан (эрдэ 6 393 баара) тиийбэтилэр. Ол оннугар кэтэх таба ахсаана – 2 052 төбө (4,4 %-нан элбээтэ).
Элбэх табалаах улуустарга табаларын ахсаанын эбэллэрэ ыйааһын бэскитигэр тута биллэр. Усуйаана 31 533-тэн 32 756-ҕа (103,9%), Анаабыр 23 305-тэн 23 889-ка (102,5%), Булуҥ 15 565-тэн 16 629-ка (106,8%), Муома 12 512-тэн 14 221-гэ (113,7%), Эбээн Бытантай 12 124-тэн 12 800-кэ (105,6%), Кэбээйи 7 051-тэн 7 365-кэ (104,5%), Нерюнгри 6 364-тэн 6 935-кэ (109%), Эдьигээн 796-тан 1 287-ҕэ таһаардылар. Ити иһигэр сорохтор атын улуустар хаһаайыстыбаларыттан атыылаһыы суотугар эбиннилэр. Холобур, Усуйаана Булуҥҥа 700, Кэбээйигэ 678, Муомаҕа 1 200, Эбээн Бытантайга 850, Эбээн Бытантай Эдьигээҥҥэ 600 табаны атыылаатылар. Оттон Аллайыаха 2022 с. 2 480 табалааҕыттан 239 (9,6%), Аллараа Халыма 15 451-тэн 13 063-үн (84,5%) тутан хааллылар.
Балартан ураты көрүҥнэргэ: сибиинньэ – 84,4% (17 816-тан 15 038 ордубут), көтөр – 91% (977 856-тан 889 524), коза, бараан – 92,3% (1 460-тан 1 348), куруолук – 73,2% (2 259-тан 1 653) көрдөрүүлээхтэр.
***
Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин дьиэ кыылын-сүөлүн иитиигэ эппиэттээх исписэлиистэрэ быһааралларынан, сүөһү-сылгы аҕыйаабыт сүрүн төрүөттэрэ – биирдиилээн улуустарга элбэх бааһынай хаһаайыстыба эстиитэ; тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар дьон сааһырыыта; хаһаайыстыбаларга ыанньыксыт, сүөсүһүт, сылгыһыт курдук тутаах үлэһиттэр уонна тыа хаһаайыстыбатын бары хайысхатыгар исписэлиистэр тиийбэттэрэ.
“Өссө 2023 сыл түмүгүн таһаарыыга улахан харгыс үөскээн, кыыл-сүөл ахсааныгар хаһааҥҥытааҕар даҕаны арыттаһыы, бутуур таҕыста”, – дииллэр. Ол 2023 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр статистика управлениета 11 улууска (Алдаҥҥа, Бүлүүгэ, Кэбээйигэ, Ленскэйгэ, Мэҥэ Хаҥаласка, Мииринэйгэ, Нерюнгрига, Өлүөхүмэҕэ, Сунтаарга, Томпоҕо, Хаҥаласка) уонна Дьокуускай куоракка эрэ хаалларыллыбытыттан, атыттарга сарбыллыбытыттан төрүөттээх. Статистик суох сирдэригэр тыа хаһаайыстыбатын кыылын-көтөрүн ааҕыы улуустардааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениеларыгар уонна нэһилиэктэр тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэригэр сүктэрилиннэ. Миэстэтигэр элбэх сиргэ тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыана суох дьон үлэлии олорор буоланнар, көтүмэхтик сыһыаннаһан,сыыһаны-халтыны таһаараллара– кистэл буолбатах.
Холобур, сылгы бүттүүн төбөтө иллэрээ сыллааҕархайдах даҕаны аҕыйыыр кыаҕа суох: бары киэптээх хаһаайыстыбаларга 66 955 кулун төрүөҕэ (2022 сыллааҕыттан 4,6 %-нан ордук) ылыллыбыта, итиэннэ баар биэттэн 57,9 бырыһыана төрүөх биэрбитэ (иллэрээ сыл 52,2 бырыһыана төрөөбүтэ). Оччотугар сылгы (убаһа) этин идэһэҕэ туттуу көбүччү буолуохтааҕын эти тыыннаах ыйааһынынан оҥорон таһаарыы былаана туолбатаҕа, 2022 сыллааҕы кээмэйгэ тиийбэтэҕэ мунчаардар, толкуйдатар.
Ынах сүөһү аҕыйаабыта чахчы. Өрөспүүбүлүкэ бары киэптээх хаһаайыстыбаларыгар 57 603 ньирэй төрөөн, иллэрээ сыллааҕыттан 8 %-нан итэҕэс итиэннэ төрүөх биэриэхтээх ынахтан 85,4 бырыһыана ньирэйдэннэ (иллэрээ сыл 88,3 бырыһыана этэ). Ол гынан баран, кэлтэйдии ыарахан кыстыкка, аһылык кэмчитигэр сигэнэр тутах. Холобур, Амма улууһа ааспыт сыл ахсынньытыгар 12 375 ынах сүөһүлээҕин, о.и. 5 142 ынахтааҕын туһунан отчуоттаан баран, кэлин көннөрүү киллэрэн, 11 138 ынах сүөһүлээх, о.и. 4 648 ынахтаах хаалбытын отчуоттаата. Ол Амма граннаах 19 бааһынай хаһаайыстыбата сүөһүлэрин олорчу эспиттэриттэн, сатаатар, кэтэхтэригэр даҕаны хаалларбатахтарыттан тахсыбыт быһыы-майгы эбит. Эһэн эрэллэрин туһунан улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын салалтатыгар даҕаны, ассоциацияларыгар даҕаны биллэрбэтэхтэр-иһитиннэрбэтэхтэр. Сэрэппиттэрэ буоллар, атын наадыйар хаһаайыстыбалары, дьону кытта тиксиһиннэрэн, атыылатан, сүөһүнү чөл хаалларыахтарын сөп этэ буоллаҕа.
Сүөһү-сылгы ахсаанын чуолкайдааһын-чопчулааһын нэһилиэктэринэн, улуустарынан салҕанан барар. Сахастат бигэргэммит бүтэһиктээх сыыппаралары ыам ыйыгар биирдэ таһаарыаҕа.
Ааптар: Василий Никифоров, https://ulus.media/
«Колымские новости» хаһыат уонна эрэдээксийэ архыыбын хаартыскалара туһанылыннылар