Сыаҥааннаахха «Кыыс кэрэ сибэкки» тэрээһин буолла. Бырааһынньыктааҕы бырагыраамма интэриэһинэй буоларыгар Анастасия Дохунаева аатынан төрүт култуура дьиэтин үлэһиттэрэ айымньылаахтык үлэлииллэр, суруйда hotugu_kyym
«Сааскылыы сайаҕас санаанан салайтаран дьоммут-сэргэбит санаатын сэргэхситэр, көтөҕөр сыаллаах-соруктаах дефиле тэрийэн үс коллекцияны таһаардым. «Саха кэрэ кыргыттара», «Кыыс кэрэ сибэкки» тус бэйэм айымньыларбынан уонна Стендаль «Красное и чёрное» диэн айымньытыгар сөп түбэһиннэрэн. Биһиги манан муода сайдыытын хайысхаларын, билигин ханнык тенденция киирэрин билиһиннэрдибит», — диэн Валентина Чиркова кэпсээтэ.
Бырааһынньык чэрчитинэн Анастасия Сорокоумова коллекциятынан «Женские штучки» быыстапка туруорулунна. Манна эдэр көлүөнэ кыргыттар урукку дьахталлар киэргэммит, бэйэлэрин тас көстүүлэрин тупсарыммыт, көөчүктэнэн көрдөрбүт малларын билистилэр, интэриэһиргээтилэр. Эргиллэн кэлэр муода хайысхатын тула кэпсэттилэр.
Уруһуйдуур талааннаах оскуола үөрэнээччитэ Вита Корякина дьүһүйүүлэрин коллекциятын экспозиционнай балаҕаҥҥа дьон-сэргэ көрүүтүгэр таһаарылынна.