23 Сэтинньи 23.11
  • -25°
  • $ 102,58
  • 107,43

Сунтаарга өрөспүүбүлүкэ күнүгэр дьон сомоҕолосто

10:50, 29 апреля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирин биир саамай улахан бырааһынньыга — Өрөспүүбүлүкэ күнэ — Сунтаар улууһугар эмиэ үрдүк өрө көтөҕүллүүлээхтик бэлиэтэннэ. Сарсыарда 8 чаастан күнүс 12 чааска диэри улуус дьаһалтатыгар улуус баһылыга, дьаһалта эппиэттээх үлэһиттэрэ биирдиилээн дьону кытта көрүстүлэр.


Дьон үксэ сахалыы национальнай таҥастаммыта көрүөххэ астык буолла.

«Бартыһаан» култуура киинигэр Сунтаар нэһилиэгин түөлбэлэринэн куоталаһыытын чэрчитинэн ыытыллыбыт «Абаҕа» уонна «Туску» түөлбэлэр кэнсиэртэрэ бырааһынньыгы өссө киэргэтэн, силигин ситэрдэ. Кырдьык даҕаны, Өрөспүүбүлүкэбит күнүгэр дьон-сэргэ ордук түмсүбүт, көхтөөхтүк кыттан ыллыыллара-туойаллара олус кэрэхсэбиллээх буолла.

Егор Тимофеев «Ыччаттарбар» диэн улуу Зверев тойугун толоруута эчи дьигиһитэн, кулуһутан түһэн, киһи этин сааһынан киирэн, дьэ астык! Кулууппут хурустаал лүүстүрэлэрдээҕэ эбитэ буоллар, тэҥҥэ лыҥкынаһа туруох курдук буолан ылла. Оттон олоҥхоттон быһа тардыыны толорбут Роман Амонов салгыы ситтэҕинэ-хоттоҕуна дьон сэргиир толорооччута буолуон сөп эбит. Күннэтэ уу баһар массыына уруулун кытта эриһэр суоппар Александр Лазарев, пенсионерка Розалия Васильева ырыалара ханнык баҕарар киһи дууһатын долгутуох, уйулҕатын хамсатыах айылаахтар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА