“Бүлүү” федеральнайдааҕы суол хаһаайыстыбата “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суола” национальнай бырайыак чэрчитинэн, суоллары тупсарыыга былааннаахтык ылсан үлэлиир. Былырыыҥҥыттан Тойбохой суолун оҥоруутугар “Сунтаравтодор” ХЭУо үлэни ыытан бүтэрдэ. Хаачыстыбалаах суолу судаарыстыбаннай хамыыһыйаҕа туттаран, Тойбохой нэһилиэгин киин улууссатынан ааһар федеральнай суолталаах суол арылынна.
“Бүлүү” федеральнай суол хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Николай Андреев улуус олохтоохторун, суол оҥорооччулары эҕэрдэлээн туран маннык диэтэ: “Саамай үчүгэй бырайыакпыт табыллан олоххо киирэн, дьоммутун-сэргэбитин үөрдүбүппүтүттэн олус долгуйан турабын. Куттала суох айан суолларын тутуу биһиги билиҥҥи сүрүн сорукпут буолар. Бу маннык тупсаҕай, бары ирдэбилгэ эппиэттиир федеральнай суол Бүлүү өттүгэр иккис буолла. Биир суолбут Бэрдьигэстээҕинэн ааһар. Салгыы федеральнай суоллары оҥорууга былаан элбэх, ону олоххо киллэрэн иһиэхпит”. Кини СӨ Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтин бирикээһинэн “Автодор” хампаанньа дириэктэрдэрин Сүбэтин бэрэссэдэтээлэ Дмитрий Тэнҥэ “Норуот хаһаайыстыбатын Бочуоттаах үлэһитэ” бэлиэни туттарда, суруйда suntaar_sonunnara
Маны сэргэ бу күн Тойбохой — Кириэстээх икки ардыгар баар Угуйа үрэх муостатын үлэтэ түмүктэннэ. “Сахаспецмонтаж-95” тэрилтэ толордо, 30-ча киһи үлэлээтэ.