23 Сэтинньи 23.11
  • -22°
  • $ 102,58
  • 107,43

Сунтаардар гражданскай көҕүлээһин сылыгар үктэннилэр

17:19, 18 февраля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Ааспыт сылы айхаллыыбыт, кэлбит сылы кэскиллиибит» диэн ааттаах Сунтаар улууһугар Литература сылын түмүктүүр уонна Киинэ сылын үөрүүлээхтик арыйар өрөгөйдөөх күҥҥэ сунтаардыы оһуокай, олоҥхо, тойук дуорайда. Түһүлгэ кыттыылаахтара уонна ыалдьыттара научнай-практическай конференцияҕа олоҥхону толорооччу таһымын үрдэтэргэ сүрүн тосхоллору билистилэр уонна дьүүллэстилэр. Манна сыһыаран эттэххэ, быйыл улууска гражданскай көҕүлээһин сыла биллэрилиннэ.


«Раритеты Якутии» Художественное наследие: Сунтарский улус» альбом-каталог улуус духуобунай материальнай култууратын кэрэһэлиир тупсаҕай оҥоһуулаах альбом-католог Москваҕа 1000 ахсаанынан бэчээттэнэн кэлиитин, сунтаардар долгуйа күүппүттэрэ. Ол да иһин, кинигэ сүрэхтэниитигэр элбэх киһи кытынна.

Сунтаар улууһун билигин норуокка киэҥник биллэр уонна биһирэнэр бэйээттэрэ 1972 с. тэриллибит «Ньургуһун» литературнай түмсүүттэн тахсыбыттара. Соторутааҕыта салайааччынан анаммыт Мария Кобельянова литератураҕа саҥа холонооччулары, кинигэни таһаарбыт ааптардары билиһиннэрдэ. Бу көрсүһүүгэ Дьокуускайтан «Айар аартык» литературнай түмсүү чилиэннэрэ Акулина Иванова-Айгыына, Сэгэй Сэмэй, Ольга Тартакынова, «Күрүлгэн» сурунаал эрэдээктэрэ Афанасий Гуринов-Арчылан кытыннылар. 2015 сылга тахсыбыт биэс олохтоох ааптар кинигэтэ сүрэхтэннэ.

«Добун» Култуура киинигэр буолбут улахан тэрээһиҥҥэ улуус нэһилиэктэрин баһылыктара нэһилиэктэрин туһунан хоһоону ааҕыылара дьон сэҥээриитин ылла. Улуус баһылыга Анатолий Григорьев өрөспүүбүлүкэ уонна улуус наҕараадаларын, грамоталарын, бэлиэлэрин туттарда. СӨ Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Иван Мигалкин суруйуутугар, олохтоох ааптар Анна Тотонова мелодиятыгар библиотекардарга анаан айыллыбыт саҥа ырыаны киин библиотека эдэркээн үлэһиттэрэ толоруулара соһуччу уонна долгутуулаах буолла.

Сэбиэскэй киинэлэри экраҥҥа көрдөрүүлэрэ уонна ырыаһыттар кинилэр ырыаларын толоруулара үгүс киһини эдэр саастарыгар төнүннэрэн ылбыта саарбаҕа суох. Мустубут дьон киин библиотека тэрийбит кинигэ лотереятыгар кыттан, илии тутуурдаах, өттүк харалаах төнүннүлэр.

Литература сылын сабыллыыта «Средь шумного бала…» култуура тэрилтэлэрин үлэһиттэрин балынан түмүктэннэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА