Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев сорудаҕынан, суһал штаб тус харыстанар сириэстибэлэринэн, респиратордарынан медицина үлэһиттэрин хааччыйыынан дьарыктанар. Чуолаан, билигин кинилэр инники күөҥҥэ уонна кутталлаах балаһыанньаҕа сылдьаллар, диэн СИА ulus.media сигэнэн суруйар.
Билигин үрдүк хаачыстыбалаах респиратордары булуу уустук.
«Улууска үлэлиир медицина үлэһиттэригэр ыарыы кутталы үөскэппэтигэр үлэлиибит. Араас хаачыстыбалаах респиратордары үөрэтэн баран, сөптөөх матырыйаалынан бэйэбит тиктибит. Бу күннэргэ киин балыыһа уонна Сунтаардааҕы технология колледжын үлэһиттэрэ араас көрүҥү дьүүллэстибит. Олортон түөрт араас респираторы кылаабынай быраас Светлана Кимовнаҕа тиксэрдибит, тест ыытыахтаахтар, инфекционистары кытта сөбүлэсиһиэхтээхтэр. Түмүгү күүтэбит. Муус устар 25 күнүгэр харыстыыр ачыкылар кэллилэр уонна Лепесток 200 респиратордар», – диэтэ баһылыгы бастакы солбуйааччы Николай Александров.