21 Сэтинньи 21.11
  • -27°
  • $ 100,22
  • 105,81

Сулустар кэпсииллэр. Сэтинньи 20 күнэ

09:00, 20 ноября
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Хой

Сүрүн сыалгын-соруккун, баҕа санааҕын толорор кэмиҥ кэлбит. Ол туһугар дьаныардаахтык үлэлээ.

Оҕус

Сонун уларыйыылар күүтэллэр. Онон инниҥ хоту баран ис. 

Игирэлэр

Соччото суох быһыылар инниҥ диэки хардыылыыргар мэһэй буолалларыгар аахайыма. Бүгүҥҥү киэһэни чугас дьоҥҥун кытта атаар.

Араак

Бэйэни ыраастанар кэм кэлбит. Өскөтүн эн саҥа дьиэҕэ көспүт буоллаххына, кини ис оҥоһуутугар болҕомтоҕун уур. Бу – эн тус бэйэҕин көрдөрөр.

Хахай

Тулалыыр дьонуҥ этэҥҥэ буолалларын туһугар кыаххын барытын биэрэҕин. Үлэҕэр эрэ буолбакка, сөбүлүүр дьарыккар эмиэ бириэмэтэ анаа.

Кыыс

Үчүгэй энергияҕын атын дьону кытта үллэстэр кэм кэлбит. Бизнеһы сайыннарарга – сөптөөх бириэмэ.

Ыйааһын

Ис туруккар болҕомтолоох буол. Бэйэҕин убаастаа, сыаналаа, доруобуйаҕын көрүн.

Скорпион

Санааҥ табыллар кэмигэр интуицияҥ күүскэ үлэлиир. Чугас дьонуҥ сүбэтиттэн аккаастаныма.

Охчут

Дьылҕаҥ эйиэхэ көһүппэтэх өттүгүттэн түгэннэри бэлэмнээбит. Үчүгэй сонуннары истиэҥ.

Чубуку

Чуумпуран, иһийэн олорон ис туруккун сыаналаан көр. Эйигин долгутар боппуруостар түргэнник быһаарыллыахтара. Кыра аайы долгуйума.

Күрүлгэн

Дьылҕаҕар эрэн. Бу түгэҥҥэ буола турар ыарахаттар үчүгэйгэ эрэ тиэрдиэхтэрэ. Бу күнү туһалаах дьыалаларга анаа.

Балыктар

Бириэмэҕин ааспыт кэмҥэ анаабакка, билиҥҥигэ болҕомтолоох буол. Сыыһаларгын умнан инниҥ хоту хардыылаа, оччого баҕа санааҥ туолуо.

Аһаҕас источниктан ылылынна

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар