Хой♈️
Бүгүн кыра да уларыйыыларга хайаан да болҕомтоҕун уур. Саҥа сүүрээннэртэн аккаастан.
Оҕус♉️
Эйигин бүгүн соччото суох уларыйыылар күүтэллэр, онтон куттаныма, дьылҕаҥ эйигин тургутан көрөр.
Игирэлэр♊️
Кырдьыга суох быһыылар баалларын биллэриэхтэрэ. Онтон ыгылыйыма, аҕыйах күнүнэн бу кыһалҕаҥ быһаарыллыа.
Араак♋️
Аһаҕас кэпсэтиилэртэн сэрэхтээх буол. Бу кэпсэтиилэр сыһыаны бөҕөргөтүөхтэрин эбэтэр буортулуохтарын сөп.
Хахай♌️
Сынньанарга табыгастаах күн. Онон дьыалаларгын эрдэ бүтэрэ охсон, доҕотторгун эбэтэр дьиэ кэргэҥҥин кытта үөрэ-көтө бириэмэҕин атаар.
Кыыс♍️
Күүһүҥ-уоҕуҥ, эрчимиҥ уонна үчүгэй иэйииҥ – барыта бүгүн баар. Ону сөпкө туһаннаххына, дьыалаларгын ситиһиэҥ.
Ыйааһын♎️
Тулаҕын өйдөөн көр, бүгүн эйиэхэ олоххун уларытар хас да түгэн баар буолуо. Ону мүччү тутума.
Скорпион♏️
Бүгүн сөбүлүүр, күүс-уох эбэр, настарыанньаҕын көтөҕөр дьарыккынан үлүһүй. Интэриэһинэйэ суох сыалгын-соруккун кэнникигэ хааллар.
Охчут♐️
Бүгүн элбэҕи ылсыма, биир дьыалаҕа өйгүн-санааҕын уур – ол үчүгэй түмүккэ тиэрдиэҕэ.
Чубуку♑️
Бүгүн настарыанньаҥ хаста да уларыйар күнэ. Онон саҥаны ылсыма, тиһэҕэр тиэрдиэҥ суоҕа.
Күрүлгэн♒️
Бүгүн саҥа билсиһиилэр, элбэх үөрүү-көтүү, ситиһии күүтэр. Дьоҥҥо мичээргин бэлэхтээ.
Балыктар♓️
Бүгүҥҥү былааннаргын тутус. Былааннаабыт көрсүһүүлэргин, тэрээһиннэргин көтүтүмэ.
Аһаҕас источниктартан ылылынна