Хой♈️
Бүгүҥҥү былааннаргын куһаҕан санаалаах дьон ыһыан сөп, кинилэртэн дьалты тутун.
Оҕус♉️
Урукку дьыалаларгын түмүктээ, сүрэҕэлдьээмэ.
Игирэлэр♊️
Үлэҕэр быһаарыныылаах буол, ол гынан баран, кими да баттаама. Үлэҥ кэнниттэн дьиэҥ түбүгүн уҕарыт.
Араак♋️
Саҥа дьыалаларга ылсыс. Кэтэспэтэх өттүгүттэн бытархай үтүө түгэннэр тосхойуохтара.
Хахай♌️
Элбэх дьыалаҕа ылсыма. Чугас дьоҥҥуттан көмөтө көрдөө.
Кыыс♏️
Кыра аайы санааҕын түһэримэ. Аһары уустук дьыалаларга ылсыма.
Ыйааһын♎️
Бүгүн тугуҥ эмэ табыллыбатаҕына санаарҕаама, атын варианнары көрдөө.
Скорпион♏️
Суолталаах боппуруостары чугас дьоҥҥун кытары сүбэлэс, кинилэр сөптөөх сүбэни биэриэхтэрэ.
Охчут♐️
Аймахтарыҥ уонна чугас доҕотторуҥ сыыһа хардыылартан харыстыахтара. Уопуттарын кэпсиэхтэрэ, сүбэлиэхтэрэ.
Чубуку♑️
Бу күн элбэхтик кэпсэт-ипсэт. Саҥа көрсүһүүлэр үчүгэй энергияны биэриэхтэрэ.
Күрүлгэн♒️
Тапталлааххын кытары сыһыаҥҥар барыта эриэ-дэхси буолбатах эбит. Этиһии – сыһыаны буортулуур.
Балыктар♓️
Харчыгын ыһа-тоҕо туттума. Оччотугар кыра баҕа санааларгын толоруоххун сөп.