22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

«СМС тиийдэ, коду эт». ИДьМ сотруднига интернет-массыанньыктан хайдах харыстанары сүбэлээтэ

13:03, 03 июня 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дойду үрдүнэн интернет саайтар, социальнай ситимнэр, төлөпүөн нөҥүө «үлэлиир» албын-түөкэй дьон ахсаана эбиллэ турар. Маннык түктэри быһыылаахтартан хайдах көмүскэнэр туһунан ИДьМ СӨ холуобунай ирдэбилгэ управлениетын, IT-технологиялары туһанан буруйу оҥорууну утары үлэлиир отделение начаалынньыга, полиция подполковнига Алексей Мударисов кэпсээтэ. СИА суруйар.


ИДьМ Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрбитинэн, сыл саҕаланыаҕыттан 500-тэн тахса киһи массыанньык дьайыытыттан эмсэҕэлээтэ. Биэдэмистибэҕэ бэлиэтииллэринэн, түөкэйдээһиҥҥэ үлэлиир кыахтаах 30 — 49 саастаахтар (46%) түбэһэллэр. Эмсэҕэээччилэр барыта холбоон 31,3 мөл.солк. сүтэрдилэр, биир киһи ортотунан — 62 тыһ.солк.

Кэнники кэмҥэ информационнай технологиялары кытта сибээстээх буруйу оҥоруу элбээтэ — дьону төлөпүөн, интернет-саайтар,  социальнай ситимнэр нөҥүө албынныыллар. Ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэҕэ бу хайысханан 1220 буруй оҥоһуллубут.

Алексей Мударисов сүбэлииринэн, ханнык да түбэлтэҕэ үһүс сирэйгэ SMS-биллэриилэринэн кэлэр кодтары этиэ суохха наада. Чуолаан ити сыыппаралар массыанньык эһиги счеккутугар аһаҕастык киирэригэр ааны арыйаллар.

«Өскөтүн интернет нөҥүө табаар атыылаһар буоллаххытына — банковскай реквизиттары, CVC-код этиллибэт. Буолаары буолан, SMS-биллэриинэн кэлбит коду. Каарта нүөмэрэ уонна аат, араспаанньа эрэ этиллиэн сөп.  Атын ханнык да коду, дааннайы этимэҥ! Болҕомтолоох буолуҥ! Албаннатымаҥ!», — диэтэ кини.

Сиһилии: https://ysia.ru/sotrudnik-mvd-rasskazal-o-tom-kak-zashhititsya-ot-internet-moshennikov/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА